Page 52 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 52

Өйдөө, болҕой

    Айымньы тиэмэтэ диэн литературнай айымньыга туох туһунан су-
руллара; олох ханнык боппуруостарын биитэр көстүүлэрин хабан сыр-
датара ааттанар.

         Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

    Төрөөбүт дойдуга таптал тиэмэтэ прозаҕа эрэ буолбакка, литера-
тура атын жанрдарыгар элбэхтик ойууланар. Онно Ийэ дойдуга бэри-
ниилээх буолуу, ахтылҕан, ытык иэһи толоруу идиэйэтэ итэҕэтии-
лээхтик арыллар.

    Бу тиэмэни аан маҥнай саха литературатын төрүттээччилэр А.Е. Ку-
лаковскай, А.И. Софронов саҕалаабыттара.

    А.Е. Кулаковскай «£рүс бэлэхтэрэ» диэн дириҥ бөлүһүөктүүр ис
хоһоонноох поэматыгар аллегория уобарастарынан Саха сирин кы-
һыҥҥы тыйыс айылҕатын, сайыҥҥы кэрэ көстүүтүн, бастар барам-
мат сиртэн хостонор баайын, араас көтөрүн-сүүрэрин, булдун-аһын
сиһилии суруйар.

    А.И. Софронов «Төрөөбүт дойду» хоһоонугар Саха сирин кыһыҥҥы
тыйыс көстүүтүнэн саха дьонун хараҥа, батталлаах аас-туор олоҕун
долгутуулаахтык ойуулуур.

                         Өлбүт киһи буор түгэҕэр сытарын курдук,
                         Мин төрөөбүт аан ийэ дойдум
                         Халыҥ хаарынан
                         Саҥата суох сабыллан сытар...

    С. Данилов «Дойдубар талаһабын» хоһоонугар киһи төрөөбүт дой-
дуга ахтылҕана, киниэхэ ис сүрэҕиттэн тардыһыыта, күнүс-түүн ыра
оҥостуута бэрт итэҕэтиилээхтик этиллэр.

                         Дьолум миэнэ төһөтүнэн —
                         Дойдубар талаһабын.
                         Муҥум миэнэ төһөтүнэн —
                         Дойдубар талаһабын.

    Оҕолоор, эһиги бу ис сүрэхтэн тахсыбыт тыллары кэрэхсээн ааҕыҥ.
Бу айымньылар эһиги дууһаҕыт кылларын таарыйдыннар, кинилэр ди-
риҥ иэйиилэрэ, санаалара олоххутун салайдыннар!

  52
   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57