Page 48 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 48
сааһын, олоҕун ырааһын, сырдыгын бэлиэтэ буолан, билигин
үрүмэ маҥан баттаҕа сиккиэр тыалга үрэллэҥниир.
Мин эмиэ өрүһү одууластым. Син өр, ол курдук сэргэстэһэн
турдубут. Эмээхсин миэхэ эргиллэн сэрэхтик:
— Тукаам! — диэтэ.
— Туох баарый? — диэтим мин төһө кыалларынан эйэҕэстик
уонна киниэхэ утары хаамтым.
Эмээхсин мичээрдээбитигэр көрбүтүм — били мырчыстаҕас
хара сирэйэ сырдаан ыларга дылы гынна, сорох киһи кырдьан
да баран тупсар курдук, итинник ис киирбэхтик мичээрдиир
буолааччылар, ол үксүн үтүө майгылаах, амарах сүрэхтээх
кырдьаҕастар буолаллар.
— Тоойуом, — диэн эмээхсин оргууй этээт, түргэн-түргэн-
ник, чиҥ-чиҥник саҥаран барда. — Бу туох хара сорой? Баа-
рыын сарсыардаттан борохуот күүтэбин. Тоҕо кэлбэт баҕа-
йыный? Биһиги Чурапчыга буоллар, уу кытыытыгар бачча өр
олоруо этибит дуо? Бу ууну, арай, тумнар буол... Ыксалбар
мин хас да хонукка эбэбин эргийэн көрүөм этэ... Бу күүтэн
таах олорор эрэйэ диэн... Бачча чугаһаан баран...
Эмээхсин чахчы абаккарар быһыылаах — уйадыйан ыла-ыла
саҥара турда. Уонна уҥуоргу кытылы чаҕылыччы одуулаһар.
— Дьэ, тукаам, эрэй бөҕөнү эҥээрбинэн тэлэн, муҥ бөҕөнү
муннубунан солоон, утуйар ууну умнан, аһыыр аһы аһаамына
төрөөбүт алааспын Хомустаахпын ахтан, хайа охсубут аҥаа-
рым, быһа охсубут быһаҕаһым буолла... Эһиги, эдэр оҕолор
барахсаттар, төрөөбүт буор ахтылҕана диэн тугун билиэххит
дуо? Оттон сорох сордоох күнүн-түүнүн киниэхэ курдары тар-
таран, бу айылаах тиэтэйэ, ыгылыйа турдаҕым... Ыраах Бу-
луҥтан бу дойдубар тартаран төннөн иһэбин... Ону кэлэн, бу
бачча чугас бүтүн күммүн сүтэрдим. Эбэм бэйэтэ хаайдаҕа
үһү...
Мин эмээхсини, борохуот сотору кэлэр диэн, уоскуттум, чу-
гастан табаар дьааһыгын аҕалан, онно кинини олортум, ыһык-
пыттан бэрсээри гыммыппар — буолуммата.
Олорбохтоотубут. Эмээхсин арыый уоскуйда быһыылаах,
нам-нум буолла, баттаҕын көннөрүнэн, тостубут кырабыайка-
нан анньынна. Онтон иккитэ-үстэ хаҥас этэрбэһин оһун туп-
пахтаан көрдө. Туран, чугас бириһиэн бүрүөһүннээх таһаҕас
кыстаммытыгар тиийэн, этэрбэһин иһиттэн тугу эрэ араҕаһы
ылла. Саппыйа быһыылаах. Эмээхсиним түргэнник уҥа-хаҥас
көрөн кэбиһээт (мин киэр хайыспыта буоллум), аны туран,
били саппыйатын сыллаата быһыылаах, чахчы өр, сырылаччы
48