Page 47 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 47
хаалларбыт литературнай нэһилиэстибэтэ — кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ
уонна пьесата, критическэй ыстатыйалара саха биир биллиилээх,
туһунан суоллаах-иистээх суруйааччыта буоларын кэрэһилииллэр».
Дмитрий Кириллин
Үөһээ Бүлүү Хомустааҕар Н.А. Габышев аатынан оскуола-саад
уонна мусуой-бибилэтиэкэ ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Биир дойду-
лаахтара ытыктыыр, киэн туттар суруйааччыларын аатын үйэтитэн,
Николай Габышев төрөөбүт дьиэтин иннигэр сэргэ туруорбуттар.
«Бичик» кинигэ кыһата 2008 сыллаахха «Уран тыл уустара» сиэри-
йэҕэ суруйааччы айымньыларын хомуурунньугун таһаарбыта.
Ааҕыы, ырытыы
Төрөөбүт буор
(Чурапчы учууталын кэпсээнэ)
Мин уҥуор, дойдубар Чурапчыга тахсар буоллум. Киэһэлик
куоракка өрүс биэрэгэр киирдим. Киһи элбээбит. £рүһү туо-
ратар борохуот хойутаабыт.
Тэһийэ сатаан, сорох дьон аһыыр, сорохтор кэл да бар буо-
лаллар, дьахталлар таһаҕастарын маныыллар.
Бу өрдөөҥҥүтэ, сэрии бүппүтүн аҕай кэннинээҕи кэм этэ.
Онон эр дьон ортотугар эргэ, кубарыйа барбыт синиэллээх-
тэр, гимнастеркалаахтар элбэхтэрэ. Кинилэри ким барыта
сэргиирэ, ааспыт сэрии туһунан сураһаллара. Ити дьон ор-
тотугар мин өр олордум. Арай, көрдөхпүнэ — өрүс кытылыгар
кылгас холтомо саҕынньахтаах, бэрбээкэйинэн охсуллар өҥүн
сүтэрбит уһун ырбаахылаах, төбө сыгынньах эмээхсин уҥуор-
гу биэрэги одуулаһан хохоллон турар, дьонтон тугу эрэ ыйы-
тан көрөр да, сапсыйан кэбиһэллэр, сорохтор күлсэн ымал-
дьыһаллар, оттон эмээхсин быар куустан, эмиэ тонолуппакка
одуулаһар. Аттыгар хара кырааскалаах кыра хаптаһын хоп-
полоох, суулаах таҥастаах, олоро иккиэн ньээлбилии холбуу
баайыллыбыттар. Мин кини аттыгар тиийдим. Кини эргиллэн,
атахпыттан өрө көрөн таһааран баран, киэр хайыста. Кини эмэ-
ҕирбит, хайыта хаппыт мас курдук мырчыстаҕас хара бараан
сирэйигэр биир да тымыр хамсаабата, арай тимирчи олорбут
ыас хара харахтара уоттааҕынан көрөллөр — эдэригэр кини
чэмэлкэй киэҥ да харахтаах кыысчаан эбитэ буолуо. Ол оҕо
47