Page 45 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 45

дэх көстүү буолбатах. Оҕолоор, ханнык суруйааччы олоҕор көрсүбүт
быһылааннарын уус-уран айымньы оҥорон суруйбутун билэҕит?

    Саха литературатыгар оннук суруйааччылартан биирдэстэрэ Сте-
пан Павлович Ефремов буолар. Кини дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биһи-
рэммит, саха тыйаатырын сыанатыгар туран хас да көлүөнэ дьон
хайҕабылын ылбыт «Ини-бии» драмата билигин да ааҕааччыны, кө-
рөөччүнү итэҕэтэр күүстээх айымньы.

                                  СҮРЭХ ТЫЛЫНАН

                                          Таптал син биир күн уотун кэриэтэ
                                          Сардаҥа буолан сүрэххэ түһэр.
                                          Уонна бар дьоммунуун үөрүүбүн үллэстэ
                                          Ырыа буолан, сүрэхпиттэн тэйэр.

                                                                                                        М. Ефимов

    Сүрэх тыла... Сүрэх иэйиитэ... Сүрэх кэпсэтэр кэмэ...
    Күндү доҕоруом, таптал истиҥ иэйиитэ киһиэхэ, ийэ биһи-
гэр сытыаҕыттан, саҥа дьоллоох олох түстэнэригэр олук буо-
лар. Төрөөбүт төрүт түөлбэ, көрүлээбит көмүс ньээкэ, көрсүбүт
күндү доҕор — киһи буолан тахсарга, дууһа кыла лыҥкыныы
оонньууругар улахан суолталаахтар.
    Этэр тыл эриэккэһэ уонна сүрэх иэйиитин эрчимэ тус-туспа
төрүттээх буолуохтарын сатаммат. Сүрэҕи долгутар, санааны
кынаттыыр, дууһаны өрүкүтэр таптал сырдык, ыраас, истиҥ
иэйиитэ баар буолан, күннээҕи чуҥкук олохпутун киэргэтэр,
дьолунан толорор.
    Таптал таабырына, өй уонна сүрэх мөккүөрэ, олох олоруу,
киһи аналын толоруу туһугар дьулуһуу туһунан айымньылар
дириҥ ис хоһоонноохтор, ааҕааччыны долгуталлар уонна тол-
куйдаталлар. Бу айымньыларга олох араас көстүүтүн туһунан
киэҥ санаа, мындыр толкуй, далааһыннаах анаарыы иһиллэр
курдук. Айымньылар сырдыктар, тыыннаахтар, киһини үтүө
сиэр-диир, бастыҥ майгылыыр аналлаахтар. Бу орто дойду-
га туох баар барыта кэрэҕэ, сырдыкка тардыһар күүстээҕин,
олоххо ананан кэлбитин итэҕэтэллэр.

                                                                                                                                      45
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50