Page 43 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 43
эн төлөбүрүҥ? Бэйи, тохтоо! (Наганын, сулбу тардан ылан,
быраатыгар тириир.) Эйиэхэ кытаанах санаа баар буоллаҕы-
на, миэхэ да баар, быраатым диэм суоҕа, маннык ыты бэйэм
илиибинэн өлөрбүтүм астык!
М и х а и л (түөһүн арыйар.) Мэ, бу баар мин сүрэҕим! Ыт!
Эн кытаанах санааланыаҥ дуо, эстэн, бүтэн эрэр эрэйдээх,
хантан ылбыт тирэххиттэн тирэнэн ытыаххыный! Эн тирэҕиҥ
диэн кута, ол кута эйигин бүтүннүү оборон турар буолбат дуо?
Сибилигин саа да уоһугар турдарбын, мин санаам күүстээх,
мин итэҕэлим кытаанах!
Н и к о л а й. Суох, суох, тирэҕим суох... (наганын санньы-
тар уонна таһырдьа ыстанар.)
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Драмаҕа икки утары күүс — баай уонна дьадаҥы мөккүөрэ
сүрүн киин, ол тула икки дьылҕа — ини-бии Михаил уон-
на Николай. Маннык быһыыттан ким ордук хараастарый,
хомойоруй? Тоҕо?
2. Михаил уонна Николай уобарастарын тэҥнээн көрүҥ: май-
гылара, дьоҥҥо сыһыаннара, олоҕу көрүүлэрэ.
3. Николай олоххо мунуутун төрдө-төбөтө кимтэн, туохтан са-
ҕаланарый? «Тоҕо эрэ мин суобаһым, туох эрэ кирдээх кур-
дук, курутуйталаан ылар буолан эрэр...» диэн этиитэ туох
санааны үөскэтэрий?
4. Драмаҕа икки уот икки ардыгар сылдьар сүрүн уобарас —
ийэ. Уолаттар ийэлэрин кытта кэпсэтэр түгэннэрин булан
ааҕыҥ, ийэлэригэр сыһыаннарын тиэкистэн холобурдаан
ырытыһыҥ.
5. Варвара, төһө да төрөппүт оҕолорун ийэлии истиҥник тап-
таатар, маннык тыҥааһыннаах кэмҥэ Михаил тутуспут оло-
ҕун суолун талла. Тоҕо?
6. Айымньыны толору ааҕыҥ. Өссө ханнык персонажтары кэ-
рэхсээтигит? Тоҕо?
7. Ыал олоҕун огдолуппут Гражданскай сэрии алдьархайын
туһунан айымньылары аахтыгыт. Кыра Хабырыыс, Уулаах
Уйбаан, Охоноон, Михаил, Николай — бу уобарастары тэҥ-
нээҥ көрүҥ, майгыннаһар, уратылаһар өрүттэрин ырытан
бэлиэтэниҥ.
8. Ааптар айымньы дьоруойдарын уйулҕалара хамсааһынын
ойуулаабыт кэрчиктэрин булан санааҕытын үллэстиҥ.
43