Page 51 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 51

5. Айымньы Чурапчы учууталын аатыттан кэпсэнэр. Учуутал
        таһыттан кэтээн көрөөччү дуу, эбэтэр сайаҕас сыһыаннаах
        уйан киһи дуу? Бэйэҕит санааҕытын олохтоохтук быһаарыҥ.

    6. Кэпсээччи уобараһын ырытыҥ. Балбаара эмээхсин уобара-
        һын кытта тэҥнээн көрүҥ.

    7. Бу кэпсээн хайа кэрчигэ айымньы түгэх сыалын илдьэ сыл-
        дьарый? Тоҕо?

    8. Төрөөбүт дойдуга ахтылҕан үйэ, кэм уларыйарыттан туту-
        луктаах дуо?

    9. Эһиги төрөөбүт дойдугутуттан ыраата сылдьыбыккыт дуо?
        Эһигини ахтылҕан иэйиитэ саба кууспута дуо? Кэпсээҥ.

Анаан дьүүллэһии

    Ахтылҕан диэн тугуй? Төрөөбүт дойдуга ахтылҕан тиэмэтэ ус-
куустуба атын көрүҥэр хоһуллубута буолуо дуо? Саха худуоһун-
ньуктарыттан төрөөбүт дойду туһунан ким үлэтин билэҕитий?

          Тыыннаах тыл

  · Эһиги санааҕытыгар кэпсээн аата ис хоһоонугар сөп түбэһэр
          дуо? Атыннык хайдах ааттыа этигитий? Санааҕытын этиҥ.

  · Кэпсээни өссө төгүл иһийэн олорон ааҕыҥ. Айымньы күлүүс
          тылларын, сүрүн этиилэрин туһанаҥҥыт, айымньы ис хоһоонун
          батыһыннаран уус-ураннык кэпсииргэ бэлэмнэниҥ.

          Тэҥнээн көрүү

    «Дойду ахтылҕана» диэн тиэмэҕэ дириҥник толкуйдааҥҥыт, Н. Га-
бышев айымньытыгар сыанабылла (рецензия) суруйуҥ.

Уруок кэнниттэн

    «Дьокуускай куораттан — Саха сирин устун» кэтэхтэн (вир-
туальнай) экскурсияҕа бэлэмнэниҥ. «Айаҥҥыт хаамыытын» бэ-
йиэттэр төрөөбүт дойдуларыгар анаабыт хоһооннорунан, хаартыс-
каларынан доҕуһуоллааҥ.

                                                                                                                                      51
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56