Page 56 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 56
хатын сирин чысхаан кыһынын, саргылаах сааһын, самаан сайынын,
өксүөннээх күһүнүн хоһуйбут айымньылара талыы худуоһунньук ойуу-
лаабыт хартыынатыгар дьүөрэлээхтэр».
Софрон Данилов
«Бэйиэт Баал Хабырыыс (Гавриил Григорьевич Вешников) оҕо ай-
махха бэртээхэй айымньылары хаалларбыта. ...Баал Хабырыыс ки-
нигэлэригэр анаан төрөөбүт Сахабыт сирин тыйыс, кэрэ айылҕатын,
көтөрүн-сүүрэрин, отун-маһын, дьонун-сэргэтин хоһуйан оһуордаан
туойбута, хоһоонноругар холбообута, ырыатыгар ыпсарбыта...»
Дора Васильева
ИВАН ЕГОРОВИЧ ФЕДОСЕЕВ—ДООСО
(1927—2003)
Талааннаах прозаик, бэйиэт, публи-
цист, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуура-
тын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС бэчээтин
туйгуна, СӨ П.А. Ойуунускай аатынан
Судаарыстыбаннай, Н.М. Карамзин
аатынан Россия Суруйааччыларын со-
йууһун, Эрилик Эристиин аатынан лите-
ратурнай уонна СӨ Судаарыстыбаннай
Мунньаҕын А.П. Илларионов аатынан
суруналыыстыкаҕа анал бириэмийэлэ-
рин лауреаттара, Чурапчы уонна Таат-
та улуустарын бочуоттаах гражданина
И.Е. Федосеев—Доосо 1960 с. «Таммах
уу» диэн хоһоон хомуурунньугунан саха
литературатыгар үктэммитэ.
Күндү оҕолор, Иван Егорович Федосеев — Доосо үтүмэн үгүс
таабырыннаах уйан айылҕабытын, айымньыларын истэригэр
холбуу тутан, тупсаран биэрэр хоһооннорун ааҕыҥ, кэрэхсээҥ!
Ааҕыы, сэ´эргэ´ии
Сардаана
Билэҕиэн, кыыс курдук кэрэҕин,
Сардаана, сандаарар сибэкки?
56