Page 13 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 13

Чуумпу киэһэбэр,
                     иһирик иирэлээх биэрэгэр,

Чыычаахтарын тойуктара
                         сүрэхпин долгутуохтун!..

                                                   1942 с.

           Тыыннаах тыл

         Фронтовик-бэйиэт хоһоонугар Аҕа дойду көмүскэлин туһу-
    гар охсуһуу тыынын хайдах биэрбитин айымньы тылыттан
    кэпсииргэ бэлэмнэниҥ.

            Мин бардым: бухатыыр эһэлэрим
            Былыргы аартыктарын арыйан,
            Күн дьонум дьоллоох көҥүллэрин
            Хараҥа күүстэртэн харыһыйа.

                         Ийэ дойдум, норуотум ыҥырыыта
                         Эр сүрэхпин толугуруу мөҕүһүннэрдэ,
                         Фашист хааннаах баандаларын хампарытар
                         Өрөгөйдөөх айан суолугар үктэннэрдэ.

Анаан дьүүллэһии

    1. Бэйиэт хотун доҕорун, оҕолорун кытта бырастыылаһар ай-
        малҕана, аҕа сэриигэ аттаныыта киһи дууһатын таарыйар
        тыла-өһө ханнык иэйиини үөскэтэллэрий?

            Ытаама, мин хотун-доҕорум,
            Оҕолорум барахсаттар, ытаһымаҥ:
            Миигин сөрөөбөтө модун холорук,
            Суолбун бүөлээбэтэ күдэн туман.

                        Ким эмэ: «Аҕаҕыт ханнаный?» диир буоллар, —
                        Уокка кыттан — уот,

                                                   этиҥҥэ эбиллэн — этиҥ,
                        Хотойдорго холбоһон

                                                   — хотой буола
                        Тапталлаах аҕабыт барбыта — диэриҥ.
                        Бырастыыларыҥ, көмүс биэбэйдэрим!..
                        Алгыс талыытынан алҕаан хаалыҥ!

                                                   13
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18