Page 15 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 15

ДМИТРИЙ КОНОНОВИЧ СИВЦЕВ—СУОРУН ОМОЛЛООН
                      Саха норуодунай суруйааччыта
                                      (1906—2005)

    Саха сиригэр драматургия сайдыы-
тыгар Суорун Омоллоон үлэтэ уонна
айымньылара сүҥкэн суолталаахтар.
Өссө 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан су-
руйбут «Олох очура» диэн комедията
оскуола сыанатыгар туруоруллар.

    Педагогическай техникумҥа үөрэ-
нэр кэмигэр Нуучча тыйаатырыгар са-
ха национальнай труппатын үлэтигэр
кыттара, бастаан оруоллары хат суру-
йааччынан, кэлин суфлёрунан.

    1926 сыллаахха Дмитрий Сивцев
труппа артыыһа буолар. «Күөх Көппө»
комедияны суруйар. 1928 сыллаахха
ити комедия сыанаҕа туруоруллар, онно кини кылаабынай
оруоллартан биирдэстэрин оонньуур.

    Д. К. Сивцев Саха национальнай труппатын артыыһынан,
администраторынан, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун
драматургияҕа сиэксийэтин сэбиэдиссэйинэн, Саха музы-
кальнай-вокальнай кэлэктиибин литературнай сотруднигынан,
П. А. Ойуунускай аатынан Саха государственнай музыкаль-
най-драматическай тыйаатыр литературнай чааһын сэбиэдис-
сэйинэн (1942—1944 сс.), тыйаатыр штатнай драматурунан
(1947—1948 сс.) үлэлиир. Бу барыта кини драманы суруйа-
рыгар төһүү күүһүнэн буолбуттара чахчы.

    Кини «Күкүр Уус» драматын 1934 сыллаахха суруйбута.
Дьон-сэргэ сөбүлээн көрбүт. «Виктор Саввин артыыс ахтары-
нан, Суорун Омоллоон «Күкүр Уус» драмата сыанаҕа бастакы
туруоруллуута киэһэ аҕыс чаастан саҕаланан баран, түүн биир
чааска бүппүт, кэпсэтии сарсыарда алта чаас саҕана түмүк-
тэммит. Онно баһыттан атаҕар диэри тилэри сылдьыбыт
П. Ойуунускай драматтан да, артыыстар оонньууларыттан да
олус астыммыта, үөрбүтэ үһү». (Тобуруокап Н. Н. уо.д.а. Саха
литературата. 2006)

                                                                                                                                      15
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20