Page 11 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 11
Туман буолбут хонуктар
Тумулларын кэтэҕэр
Кы´ыл буурҕа аттаахтар
Ньиргиэрдэрэ и´иллэр.
Эллэй бу түөрт устуруокаттан ураты тугу да суруйбатаҕа да
буоллар, кини аата литература устуоруйатыгар хаалыан сөп
этэ дуо? Кэпсэтиигэ кыттыс.
Поэмаҕа ааптар чопчу суолу субу к³р³н турар курдук тыын-
наан ойуулаабыта киэ², дири², ону аа´ан символическай
ис номохтооҕун кэпсэтиһиҥ.
Поэматтан кэрчиктэ талан ылан өйгө үөрэт.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
«Буурҕа, буулдьа дьылыгар» бу строфатын үчүгэй диир өссө
дубук. Бу — гениальнай строфа …Тугунан үчүгэйий? Итинник
ыйытыыга хаба тардан быһаччы хардарар күчүмэҕэй. Ити
түөрт устуруока туһунан бүтүн трактаты суруйуохха сөп. Ман-
на — баар чахчы уонна номох бииргэ уһаарыллыыта. «Ааспыт
күннэр-дьыллар» тустарынан өйдөбүлү биэрээри, араастаан
туустаан-тумалаан эппит элбэх. Оттон манна «туман буолбут
хонуктар тумулларын кэтэҕэр…» күннээҕи бытархай өйдөбүл-
лэртэн өрө көтөҕүллэн үрдүк категорияларынан саныыр буола
түһэҕин. «Туман буолбут хонуктар» — эмиэ да адьас өрдөөҕүтэ
дылы, «тумулларын кэтэҕэр» — эмиэ да адьас субу чугас баар-
га дылы. Ити устуруокаларга ааспыт, билиҥҥи кэмнэр ыпсы-
һан хаалаллар. Аттаах кыһыл сэриилэр көтүтэн иһэллэрэ тыл
ууһун саамай сүмэтинэн ойууланан ахан биэрдэ ини. Оттон
мин манна холооннооҕу өйдөөбөппүн: «Кыһыл буурҕа аттаах-
тар ньиргиэрдэрэ иһиллэр». Аппыт да дьикти ат — «кыһыл
буурҕа» ээ. Ити «кыһыл буурҕа аттаахтар» үйэлэри тилийэ кө-
түтэн ньиргийэ туруохха айылаахтар. Туох тохтотуой, туох ту-
туой ити бэйэлээхтэри?! Эчи, модуннарын! Эчи, сүрдэрин!..
«Буурҕа, буулдьа дьылыгар» Эллэй талаанын айылҕатынан
лиирик-бэйиэт буоларын дьэҥкэтик көрдөрөр. Нуучча поэзия-
тыгар Александр Твардовскай туйгуннаахай лирическэй хоһоон-
норо сюжеттыын, интонациялыын эпическэй айымньыга ха-
баатталлар. Бэйиэт талаанын майгына хайдаҕа ырыаһыт айыл-
ҕаттан анал куоластаах төрүүрүн кэриэтэ. Тенор эрээригин,
төһө да баҕарбытыҥ иһин, бас буолан хаалбаккын.
Софрон Данилов. «Эдэр Эллэй»
11