Page 7 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 7
Ааҕыы, ырытыы
Буурҕа, буулдьа дьылыгар
(Поэма)
Саха сиринээҕи комсомол уон сылын туолуутугар
Үүнэр үйэ баалларын Махтал уоттаах мичигин
Күлүмнэрдээх анньыыта, Поэккыттан тут эрэ!
Эдэр чэгиэн саастарым
Чаҕыллардаах сааскыта! Ол да буоллар, хайдаҕый,
Харса суоҕум киирэр дуу,
Эн ньиргиэрдээх долгунуҥ Ыстаал буулдьа ардаҕар
Санааларбын туруоран, Түөспүн биэртим ордук дуу?!
Уо! Комсомол, эн буоллуҥ
Миэхэ туойар муоранан! Татым санаа! Сыыһа суол!
Бэҕэһээҥи — ааспыт түүн,
Хаһан, ханна ол этэй, Тимир сирдьит Комсомол,
Ыстаал тимир сирдьитим, Эн бу күнүҥ — улуу күн!!!
Хаһан, хайа күн этэй,
Мин эйиэхэ кэлбитим?! Ол да буоллар ааспыт күн —
Остуоруйа кэрдииһэ,
Үлэ, ырыа күнүгэр, Умуллубат уот дьүһүн,
Бурдук, ынах төрүүтэ, Бастыҥ хардыы кэриэһэ!
Дьикти тимир кэккэҕэр
Эллэй диэн уол киирбитэ. ***
Эдэр ыччат түөстэрин Туман буолбут хонуктар
Дохсун долгун ырыанан Тумулларын кэтэҕэр
Түллэҥнэтэр гимнэри Кыһыл буурҕа аттаахтар
Төрүттээхтиир саҕана — Ньиргиэрдэрэ иһиллэр.
Ол күннэргэ эн күүстээх, Ленин сирдиир илиитэ...
Эрчим тылы биэрбитиҥ: Саҥатыгын дуораана...
«Сааскы күлэр этиҥнээх Кылаас, кылаас сэриитэ...
Күнү ыллаа!» диэбитиҥ. Ыччат күүстээх долгуна...
Онтон ыла «хаарыаны — «Бары эдэр уохтары —
Оонньоомохтоон хаалыах» Батталлааҕы эһиигэ!
Туруҥ, баайы самнарыҥ,
диир Киириҥ тиһэх сэриигэ!»
Улдьаа мэник ырыаны
Охсор тылым ньирилиир. Ленин ити саҥата
Мөлүйүөннэри туруорда,
Уо! Комсомол, эн миигин Буулдьа уоттаах буурҕата
Поэт гынныҥ! Дьэ, кэрэ! Буржуй тыынын булкуйда.
7