Page 4 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 4

рахсан эрэйэ-буруйа туохханый, тугу кытта ситимнэнэрий? Ки-
һилии олоҕу оҥостуу, олоҕу олоруу тугу кытта ситимнээҕий?
Кэм-кэрдии, былаас уларыйыылара дьон-сэргэ олоҕор дьа-
йыыта Эллэй, Суорун Омоллоон, Амма Аччыгыйын айымньы-
ларыгар хайдах көстөрүй? Гражданскай сэрии, холкуостааһын,
саҥа олоххо тардыһыы, саҥа сыһыан, саҥа майгы-сигили дьон
олоҕор дьайыылара хайдах ойууланарый?

    ХХ үйэ эгэлгэ уратытын, түһүүтүн-тахсыытын, саха олоҕун
ураты көстүүлэрин, олох уустук түгэннэригэр дьон-сэргэ май-
гытын-сигилитин көстүүлэрин Амма Аччыгыйын «Алдьархайыт-
тан», «Мотуотуттан», Далан «Тулаайах оҕотуттан», «Көмүөлүт-
тэн», Н. А. Лугинов «Суоруттан» билиэххит, улаатан эрэр дьон
сиэринэн сиһилии ырытан, толкуйдаан, анаан дьүүллэһэн ылы-
ныаххыт диэн эрэнэбит.

    Саха поэзиятын муҥутуур кэрэтинэн, ситиһиитинэн буолбут
В. М. Новиков—Күннүк Уурастыырап, С. П. Данилов, П. Н. Тобу-
руокап айымньыларын кытта билсиэххит. Кырдьыга да, айыл-
ҕа уһуктар кэрэтин, ийэ айылҕа дьикти абылаҥын иэйэн туой-
бут бэйиэт Күннүк Уурастыырап кинигэҕэ киирбит айым-
ньыларыттан сиэттэрэн, атын хоһооннорун билистэххитинэ,
санааҕыт сайдыа, төрөөбүт дойдуга, норуокка таптал иэйиитэ
эһиэхэ биллэрдик күүһүрүө.

    Оттон С. П. Данилов саха олоҕун бары көстүүлэрин иһирэх
тапталынан угуттаан хоһуйбут бэйиэт. Кинигэҕэ киирбит аҕы-
йах айымньытыттан саҕалаан, атын хомуурунньуктарын булан
аахтаххытына, өйгүт-санааҕыт арыллыа, сиэрдээх майгыгыт,
олоххо дьоһуннаах сыһыаҥҥыт олоҕуруо.

    Күндү доҕоттор, ааҕыҥ, ырытыҥ, сэһэргэһиҥ. Иэйиигитин,
сүрэххитин иһиллэниҥ.

                                                                                             Ааптардар

   4
   1   2   3   4   5   6   7   8   9