Page 3 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 3
Саха литературата ХХ үйэҕэ
Күндү оҕолор, эһиги билэҕит уус-уран литература олох тос-
ту уларыйар күөнүгэр — икки үйэ кирбиитигэр, будулҕаннаах
уустук кэмҥэ үөскээбитин. Биир үйэ устата уран тыл уустара
саха киһитин уустук олоҕун, иэйэр истиҥ санаатын, кини сам-
нар-санааргыыр да, үөрэр-өрөгөйдүүр да кэмин умсулҕаннаах-
тык суруйан, олох туоһута, ааспыты анаарар, кэлэри кэрэһи-
лиир кэрэ бэлиэ гынан ааҕааччыга утары ууммуттарын.
Саха литературата ХХ μйэ±э сайдыбыт суолун литературо-
ведтар маннык бэлиэ түһүмэхтэргэ араараллар: «Уус-уран
литература олох тосту уларыйар күөнүгэр» (олунньутааҕы
өрөбөлүүссүйэ, гражданскай сэрии), «Саха литературата Аҕа
дойду сэриитин кэмигэр», «Уустук кэм литературата. 1946—
1960 сс.», «Саха билиҥҥи литературата. 1960—1985 сс.», «Са-
ҥа кэм кирбиитигэр».
Үөрэх кинигэтин иккис чааһа саха литературатын норуоду-
най бэйиэттэрин уонна суруйааччыларын С. Р. Кулачиков — Эл-
лэй, В. М. Новиков — Күннүк Уурастыырап, Н. Е. Мординов — Ам-
ма Аччыгыйа, С. П. Данилов, В. С. Яковлев — Далан, П. Н. Тобу-
руокап, Н. А. Лугинов биһирэллээх айымньыларынан түмүллэн,
эһиги ааҕар, ырытыһар, сэһэргэһэр эйгэҕит киинэ буолла. Бу
айымньылар айыллыбыт кэмнэрин дьоно-сэргэтэ, кинилэр өй-
дөрө-санаалара, үлэлэрэ-хамнастара, олохторун сиэрэ-май-
гыта, баҕалара-дьулуурдара өй-санаа, дууһа үлэтин эргимтэтэ
буолан эһигини үүнэр-сайдар суолга тускулуохтара.
Бу түһүмэх бэлиэ айымньыларын ааҕаргытыгар толкуйдаан
көрүҥ. Кимий бу кэм дьоруойа — олоххо уонна литератураҕа?
Кини туохтан үөрэр-хомойор, тугу хайгыыр-сэмэлиир эбитий?
Айымньыларга туох дириҥ санаа сэһэнэ этиллэрий? Киһи ба-
3