Page 6 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 6
«Кыым» хаһыакка «Илдьи тэбэн эстэр тыллаах Эллэй тойукта-
ра» диэн уопсай төбөлөөх сатирическай хоһоонноро, фелье-
тоннара, үгэлэрэ ааҕааччы биһирэбилин ылыан ылбыттара.
Ити курдук Эллэй аата сахалыы саҥалаахха барытыгар биллэр
буолбута.
Поэзияҕа бастаан утаа Эллэй бэртээхэй лирик-бэйиэт бы-
һыытынан аатыран испитэ. Чахчы даҕаны ол өттүгэр биир
бастыҥ суруйааччы буолар чинчилээҕэ. Хомойуох иһин, ону
оччотооҕу уус-уран литератураттан идеологияны эрэ ирдиир
кириитикэ сөбүлээбэтэҕэ.
Этэртэн — эриэккэс,
Саныыртан — талыыкан,
Эдэртэн — эйэҕэс,
Өлөөнчүк барахсан… —
диэн тыллардаах хоһоонун 1932 сыллаахха «Эдэр бассабыык»
хаһыакка маннык ырыппыттара: «Сэссийэлиисимэни тутар
улуу дойдуттан Өлөөнчүк тэҥэ суох — сымыйа! Хаһааҥҥыттан
ыла тапталлаах кыыс, саатар, өрөбөлүүссүйэ улуу сирдьиттэ-
риттэн орто?».
Онон, төһө да олоҕун бүтэһик сылларыгар диэри тэһитэ тү-
һэн таптал, олох суолтатын туһунан уһулуччулаах айымньыла-
ры айдар, Эллэй сүнньүнэн публицистическай хоһооннор аап-
тардарын, гражданскай лирика бастыҥ холобурдарын биэрбит
бэйиэт быһыытынан биллэр. Саха дьоно үгүс бэлиэ күннэр-
гэ, үйэ уратылаах түгэннэригэр Эллэй тылын-өһүн, төлөннөөх
этиитин истэ үөрэнэн хаалбыттара, кини өлбүтүн кэннэ өр
суохтаабыттара. Кини «Буурҕа, буулдьа дьылыгар» диэн Граж-
данскай сэрии, хомсомуол туһунан өрө күүрүүлээхтик, биир
тыынынан ааҕыллар, ураты маастардыы чочуйан айыллыбыт
поэмата билигин да саха поэзиятын ситиһиллэ илик үрдүк
чыпчаалынан буолар.
Н. Н. Тобуруокап
6