Page 9 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 9

***                        Ыстаал буулдьа ардаҕар
                                        Эдэр баһын уурбута.
Буурҕа, буулдьа ардаҕын
Көрсөн өлбүт буойуттар —                Манна... бүгүн ол кыыһа —
Кимэ, хайа ааттааҕын                    Комсомолка — уот силлиэ,
Сыллар, күннэр соппуттар...             Хараҥалыын кыргыһан,
                                        Аҕа суолун ситэриэ!
Уҥуохтарын күллэрин
Улуу халлаан ытыга —                                 ***
Күүстээх силлиэ силлиэрэн,
Күдэн-туман ыспыта.                     Ленин сырдык кэриэһин
                                        Өрө туппут саллааттар!
Арай норуот өйүгэр —                    Буржуй кылаас кэрчиэһин
Сирдьит сулус буоланнар,                Көрсөн өлбүт геройдар!
Баайы кытта биилэһэр
Сүрэхтэргэ тыыннаахтар.                 Кыламаҥҥыт түүтүнэн
                                        Хаппахтаммыт хараххыт,
             ***                        Кэрэ, дьоллоох өлүүнэн
                                        Өлбүт төлөн сүрэххит —
Үөскүүр үйэ уот күнүн,
Хаанын биэрэн, көрсүбүт,                Өлбөт-сүппэт мэлдьитин,
Мин биир сырдык мөссүөнү                Умуллубат сулустуу,
Умнубаттык өйдүүбүн.                    Үүнэр үйэ имнэрин
                                        Эҕэрдэлии туруохтун!
Кыһыл кыайыы туһугар
Бастыҥ кэккэ ыччаттан                   Оробуочай өстөөҕө
Бардам кимсии уотугар                   Тыҥыраҕа куттуурун
Кини баһын уурбута.                     Ыйан турар тоһоҕо —
                                        Ааспыт буурҕа буолуохтун!
Охто, өлө охсуһар
Сырдык чааһын иннигэр,                               ***
Таптыыр, ахтар атаһар
Суругунан тыл этэр:                     Халлаан диэки хайыһыҥ —
                                        Хара суордар көтөллөр,
«Дьоллоох кыһыл кыргыһыы                Эмиэ хааннаах ыһыаҕы
Толоонугар мин бардым!                  Тэрийээри көбөллөр.
Баҕар, өлүөм... Бии кыыһы
Иитээр — диэммин                        Үүнэр үйэ илиитэ —
                                        Эдэр хотой комсомол!
                           хааллардым.  Уоттаах уһук сэриигэ
                                        Мэлдьи, куруук бэлэм буол!
Өйдөөр, өйдөөр, доҕоруом!
Кэриэс тылбын умнумаар:                 Эмиэ буурҕа тыаһыаҕа,
Кыыстан кыһыл таас боруон               Онно өстөөх ытыллыа!
Чаҕылҕанын таһаараар!»                  Саҥа күүстээх ырыаҕа
                                        Кыһыл кыайыы туойуллуо.
Кини кэлэр кэрэҕэ
Кыыһын бэлэх ууммута,                                                            1930 с.

                                        9
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14