Page 5 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 5
СЕРАФИМ РОМАНОВИЧ КУЛАЧИКОВ—ЭЛЛЭЙ
Саха норуодунай бэйиэтэ
(1904—1976)
Саха бастакы норуодунай бэйиэтэ
Эллэй төрөөбүт литературата сайда-
рын туһугар үйэ аҥаарыттан ордук
үлэлээбитэ, түбүгүрбүтэ. Айар үлэтин
саҕалыаҕыттан хара өлүөр диэри Ком-
мунистическай баартыйа, сэбиэскэй
өй-санаа туругурарын туһугар айбыта,
суруйбута. Саха дьонун хас да көлүө-
нэтэ кини ырыаларын ыллаан улаап-
пыта, айымньыларыгар иитиллибитэ.
Эллэй поэзията саха литературатыгар
сотуллубат суолу хаалларбыта, үгүс
үтүө сабыдыалы оҥорбута.
Эллэй оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан
нуучча бэйиэттэрин айымньыларын умсугуйан ааҕара. М.Ю. Лер-
монтов, А. С. Пушкин, Н. А. Некрасов хоһооннорун үгүстүк но-
йосуус үөрэтэрэ. Үчүгэйдик үөрэнэр буолан, нууччалыы эрдэ
суруйан барбыта. 1918 сыллаахха илиинэн суруллар сурунаал-
га айылҕа туһунан хас да хоһоонун, «Моҕотой» диэн кэпсээнин
нууччалыы таһаарбыта, Колчак былааһа эһиллибитигэр «Пламя
революции» диэн хоһоону суруйбута. Кэлин Ойуунускай айым-
ньыларын нууччалыы тылбаастаабытын ааптар сөбүлээн мах-
таммыт этэ.
Сахалыы хоһооннору суруйуутугар бастаан А. Е. Кулаков-
скай, А. И. Софронов истииллэрин, норуот ырыатын форматын
тутуһан саҕалаабыта. Ол эрээри нууччалыы маассабай рево-
люционнай ырыалары тылбаастаан, киэҥник тарҕаммыт ма-
тыыптарга сахалыы хоһооннору суруйталаан, кээмэйдээх сү-
һүөхтээх, рифмалаах айымньылары айбытынан барбыта. Итин-
нэ П. Ойуунускай поэзията элбэххэ үөрэтэрэ. Уопсайынан да,
Эллэй, этэргэ дылы, айылҕаттан айдарыылаах бэйиэт буолан,
олоҕун устатын тухары тугу этэрин-тыынарын барытын кэ-
риэтэ рифмалыы, ритмнии сатыы сылдьар буолан хаалбыта.
Онон кини курдук силлабическай хоһоон сайдыытыгар элбэх
үтүөлээх-өҥөлөөх бэйиэт суоҕун кэриэтэ. Кини тылбаастаабыт
«Эдэр сэрии» (Молодая гвардия), «Тимир уустара» (Мы — куз-
нецы), бэйэтэ суруйбут «Элбээн эрэбит», «Таба», онтон да
атын ырыалара 20-с сылларга киэҥник тарҕаммыттара, онтон
5