Page 19 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 19

тон бэттэх бэйэм оҕолоон итиччэ ки´и о²оортум. Иринньэх
этэ: иккитэ-хаста улаханнык ыалдьан сыккырыыр тыына эрэ
ордуталаабыта — кыайан ытаабат, былаат курдук буолан хаа-
лыталаабыта. Ону, хоонньубар укта сытан, бииргэм тыынарын
и´иллии сытар буоларым. Сорох ардына нухарыйан барам-
мын, у´уктан кэллэхпинэ, тыынан сурдургуу сытар буоллаҕы-
на, о, ү³рэр да этим! ¥гүс эрэйбин ылбыта, үгүс түүн утуппа-
таҕа, — онуоха ыллыырым, ытыырым, сорох ардыгар ыксаан
та´ыйарым, — онуоха оҕом хоргута-хоргута ытаан бардаҕына,
бэйэм эмиэ ытыырым… Ол оҕом, бу, былаат баанар улахан
дьахтар буоллаҕа. (Былаатын сыттыыр.) Ыы, чыычааҕым сыта
минньигэ´ин даа… Аны, күтүр, хараҕым уута таҕыста дуу, туох
буоллум? Хор, оҕо бу курдук минньигэс!

                                                     IV

                         Н ь ү к э н сэрэммит курдук туттан киирэн кэлэр.

    Н ь ү к э н. Дьэ, Уус!..
    К ү к ү р У у с. Хайа, хайдах буоллу²?
    Н ь ү к э н. Дьуур кэллэ.
    К ү к ү р У у с. Дьуур дээ?!
    Н ь ү к э н. Дьэ, бы´ата, ³лүү. Куораттан кэлбит. Куус1 ү³рэ-
ҕэр ү³рэммит ү´ү.
    К ү к ү р У у с. Куус ү³рэҕэр дээ? Кэлэн тугу гынан эрэр?
    Н ь ү к э н. Кэлээт дьиэтигэр таарыйбакка даа, чэйдээбэккэ
даа, эппиэт мунньахха тиийдэ. Тиийдэ даа, кинээс Бииктэрэ
бэрэссэдээтэллии олорорун к³рд³ даа, хаана-сиинэ уларыйа
түстэ, инньэ гынна даа, бырачыас киллэрдэ.
    К ү к ү р У у с. Бырачыас дээ? Ол эмиэ туоҕай?
    Н ь ү к э н. Бу кинээс уола Бииктэр, дьи² кулаак, бандьыыт
буолан баран, быстах, албын ыспыраапканан куота сылдьар
ки´и. Онон холкуо´у тэрийиэхтээҕэр, бу ки´и холкуоска чилиэн
да буолуон с³б³ суох ки´и диэн саайда.
    К ү к ү р У у с. Бу кулгуйдаҕын к³р эрэ. Ону, дьэ?
    Н ь ү к э н. Ону, бастаан туран, Тордох уола «с³п, кырдьык,
бу ки´и холкуос буолара сатаммат» диирин кытта дьон ³р³
туран кэбистилэр.
    К ү к ү р У у с. Дьэ, инньэ гынан хайаатылар?
    Н ь ү к э н. Хайыахтарай, куола´ынан кыайан устан кэбис-
тилэр. Най туран к³мүскэ´эн к³³ртүн ³сс³ бэлиэтээтилэр
бы´ыылаах. Онон, дьэ аны Дьуур ба´ылыктаан эрэр. Холкуо-

     1 Куус — курс.

                                                                                                                                      19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24