Page 22 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 22
К ү к ү р У у с. Дьэ, оччоҕо кириэс, бууйат1 киирбэппин, ол
кэриэтин сүнньүм быстыа.
Б и и к т э р. Бэй-дээ! Кэбис, аны былыргы хаалан турар ээ.
К ү к ү р У у с. Хаалбат — сүрэхпэр-быарбар хара баас
буолан и²э сылдьар. Ты²ырах былыр ты´аҕа´ым си´ин булгу
охсубута. Аны билигин кэлэн үс ынахпын киниэхэ мэйдэтии-
´ибин2 дии? Бэйэ, тохтот, доҕор!
Б и и к т э р. Ол эрээри син киириэ² ээ, дьоҕойону² ини?
К ү к ү р У у с. Дьэ, кинилэр тойот-хотут буолалларын туха-
ры, хата, саараама даҕаны, киирбэппин — биир тыл… Миэхэ
үчүгэйдэрин к³рд³р³ иликтэр, бээ´ээ кумалаанынан эрэ сыл-
дьалларын ³йдүүбүн.
Б и и к т э р. Хайа оҕонньор, аны тааҕы этэри² буолаарай?
К ү к ү р У у с. Тыый, тукаам, туох диэн эттэ²ий? Оттон эн
да бааргын дии. Былыр аҕа² саҕаттан э´и аймаҕы мин асты-
нарым. Кырдьыга, убайым оҕонньор баттыгастаах, бардам
соҕус этэ даа — мэйиитин ооккотун ким мэлдьэ´иэ буоллаҕай.
Ылбыччаҕа даҕаны үс дойду ү²ү³-сүктү³ дуо?!
Б и и к т э р. Даа…
К ү к ү р У у с. Оттон эн буоллаҕына миэхэ үчүгэйтэн атыны
о²оро иликкин. Биирдэ дьыалаҕа түбэспиппин сүбэлээ²²ин,
дьыалабын о²орон биэрэ²²ин, мин бэйэм кыайан тахсыбы-
тым. Онон хата билигин даҕаны үтү³ ү³рэххиттэн, ³йгүттэн
бэрис, миигинньик-миигинньик курдук дьоннору бу үйэ ула-
хан мо´уокка, санааҕа укта. Би´иги, үүт-үкчү былыттаах кү²²э
хара²а сискэ муммут ки´и соҕуруу диэки ³тт³ ханан баарын
билбэтин курдук, ыйда²абыт ханан баарын тобулбакка олорор
дьоммут. Муммуттар, мунаахтар диэн би´иги буолабыт…
Б и и к т э р. Даа.
К ү к ү р У у с. Онон, дьэ, сырдыкпыт, ыйда²абыт ханан
баарый: сүбэлээн, ыйан кулу, ити үллэ-үллэ үчүгэй диир хол-
куостарыгар киирэбин дуу, суох дуу?
Б и и к т э р. Даа… Даа… Маннык… Кырдьык, социализм
үчүгэйинэн үчүгэй даа, холкуоска киирбэт с³п… Эн бэйэ² да
киириэххин баҕарбат эбиккин буолбат дуо?
К ү к ү р У у с. Суох, соччо баҕарбаппын. Билбэппин… От-
тон, тукаам, манна диэн эттэххэ, эйигин даҕаны ити холкуо-
´у ис сүрэҕиттэн тэрийэрэ буолуо дии санаабаппын ээ… Ол
хайдаҕый?
1 Бууйат — букатын.
2 Мэйдэтии´ибин (ы´ыы-то±уу, апчарыйыы диэнтэн) м а н н а: к³²μл биэрии-
´ибин.
22