Page 26 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 26
кирибинньик1 оҕото буолаарай?! Пахай! Сатана, силлээн кээс-
тэ кылбайа сыппыт эбит дуу… Илиэ´эй, биир эмэ манньыат
оҕотун мүччү туппат буоллаҕа. Алтан болууска баара2. Хор,
хата, тугум эрэ атахпын дь³л³ аста дии… (Олорор.) Айа! Ман-
на, ки´и суох сиригэр, арай сү³кэнии´ибин. (Этэрбэ´ин устаа-
ры гынар.) Айа, бии бүргэ´им баҕайы дь³лүтэ кэйиэлиир ээ,
бы´ыыта. (Сулбу тардан та´аарар.) Ити курдук. Алтан болуус-
ка баара… (Этэрбэ´ин устан сү³күүр. Мал б³ҕ³ тохтор. Тэ-
биир, эмиэ тү´эр, ³²³й³н к³р³р, илиитин угар.) ¤аай-сиэ!
Бу уллу² эрэйдээх кэм да түспэтэх. Бу Дуунньа быраҕар ул-
лу²а хайа да күн ³²н³³х буолааччы. Маныаха ханыы булбут
ки´и, дьэ, тупсуо эбит. Алтан болууска баара… (Этэрбэ´ин эр-
гим-ургум к³р³р.) Хата, этэрбэ´им эрэйдээх туох да буолбат
ээ. Хор, бу этэрбэ´и кэппитим уон сэттэ т³гүрүк сыл буолла!
Дьэ хайа хомуньуус, хайа хоккуос биир этэрбэ´и уон сэттэ
сыл кэтиэ ү´ү?! Бирээмэ, миигин бу иннигэр бириэмийэлиэх-
хэ наада. (Күлэр.) Алтан болууска баара… (Этэрбэ´ин кэтэр.)
Хор, бу барыта наадалаах маллар буолаллар, холобура, бу
ситии — дь³рү мыаннарык да гыннахха хаалбат. Ону баара,
хо² мэйиилэри², күрдьүккэ та´ааран баран, үрдүгэр чохчойон
кээстэр, уонна биир наадалара кэллэҕинэ, бии чыккымай ту-
гуттан эрэ и²нибит диэбиккэ дылы буолуохтара. Бу хамыйах
бэйэтэ к³мүс ньуосканы солбуйар мал!.. Бу ньаалбаан бэйэтэ
бэлэм саакырымса. Тыый, аны бу кыстыгым сытар эбит дуу!
Оҕуруот баҕанатын үрдүгэр турарын хата «кып» гыннаран ыл-
лым ээ… Алтан болууска баара… Дьэ, уонна тугум хаалбыт
ү´ү!.. Ба´ымыкы этэрбэ´им ха²ас атахпар баар буолуо этэ.
Ээ, бу сылдьаахтыыр эбит. (Эргэ эрэ´иинэ холуо´аны хостоон
та´аарар.) Мантыка² ³сс³ нууччалыы дыраанай та²ас. Дьэ,
уллу²а халы²ын с³ҕ³бүн ээ — бирээмэ биир илии баар…
Алтан болууска баара… Маны буоллаҕына эмиэ күрдьүккэ бы-
раҕан кээ´эллэр. Ол и´ин байбаттар ээ, оттон мин саа´ым ту-
хары, бу курдук кылахта´ан-кылахта´ан, кэмчилээн-кэмчилээн,
ыал буолбутум… Ол и´ин сүүрбэ кы´ыл к³мүс, тоҕус уон сэт-
тэ үрү² к³мүс манньыаттаахпын уонна ³сс³ күлэллэрэ мин
буолуо… Алтан болуускалар бааллара… (Туран, муннук диэки
баран, тугу эрэ хасы´ар.) Мин к³мүспүн иннинэн сирэйдээх
сиэ суоҕа, ол кэриэтин буор ийэҕэ хаалыаҕа… Манньыаттарым
оҕотун сүү´үн толорон баран ³лл³рбүн да, ³ллүм диэм суоҕа
этэ… Алтан болууска баара… (Атын муннукка баран, хасы´ар.)
1 Кирибинньик (гривенник) — уон харчылаах манньыат.
2 Алтан болууска (медная полушка) — былыргы саамай кыра манньыат, харчы
тμ³рт гыммыт биирэ. М а н н а: Тμптμр Хара таптаан туттар тылын дэгэтэ.
26