Page 24 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 24
Б и и к т э р. Нууччалыы. Тылбаа´а ити эппитим курдук,
итинтэн атына суох.
К ү к ү р У у с. Оттон, тукаам, туох да сойуус, баартыйа
биитэр сааҕабар курдук к³стүбэт кумааҕы ини?
Оҕонньор, саарыы тү´эн баран, эрбэҕин бы´ах т³б³түнэн хайа анньан,
хааннаах эрбэҕинэн баттыыр.
ИККИС ООННЬУУТА
Киэ´э. Син биир К ү к ү р У у с у´анар ура´ата.
К ү к ү р У у с (сытар; син биир утуйбат; тура эккириир).
Улахан сиэтин! Бүгү күннээҕи бахтайбыт баппыыскам ³йбүн-
санаабын үчүгэйдик буулаата бы´ыылаах. У´ун сордоох, мэ-
йиим к³т³³рү, оҕобун умнан кэби´эн туран, баппыыска биэр-
дэҕим. Киирбэппин диэн оҕобун хомоторбун санаатахпына,
сүрэҕим ыалдьар, хааным хамсыыр. Оҕом, аныгы ки´и бэйэтин
үйэтэ кээлтин кэннэ, бары тэ²нээхтэрэ, доҕотторо кииртэрин
кэннэ, холкуоска киириэн хайдах баҕарбат буолуой? Оттон
мин киириэхпин т³рүт да баҕарбат этим. Мин былыргыны,
аныгыны иккиэннэрин тэ²²э абаа´ы к³р³бүн.
Туран, сонун бүрүнэн, барар. Ыраах дьон са²ата э´иэкэйдииллэр:
Э´иэкэйдээн э´иэкэ-эй!
О´уокайдаан о´уока-ай!
II
Утаакы буолан баран, К ү к ү р У у с К у о ч а й д ы ы н киирэн кэлэллэр.
К ү к ү р У у с. Чэ, манна. (Остуолу илиитинэн сотон биэ-
рэр.)
К у о ч а й (саппыйаттан хас эмэ хос тэрэпиискэ, кумааҕы
суулаах хаартыны та´ааран бара´ыайдыыр, ырытар, онтон
чиэрбэ тойонун Ууска ылан биэрэр). Санааҕын эт.
Күкүр Уус ылан, хаартыга ботугуруур уонна, бэйэтин үстэ эргитинэн
баран, биэрэр. Куочай, холуодатыгар эмиэ ботугураан, алҕаан баран,
хаартытын ууска астарар, онтон түгэхтиир, түгэхтээбитин холуодатынан
үстэ тула суруйан эргитэр уонна, дьэ ууран, тэлгэтэн барар, Уус тонолуп-
пакка одуулуу олорор. Тэлгэтэн бүтэрэн баран, тарбахтарын сүрэҕэр
сы´ыаран та´ааран хаартыларын талар, тиэритэ уурталыыр, ботугуруу-
ботугуруу ³р тойоннуур. Онтон биир хаартыны ыйда²ардан к³р³р.
К у о ч а й («Дьэ буоллаҕа» дэтэлиир.) Эйиэхэ биир хара
күлүктээх эдэр ки´и бэркэ диэн ³стүйэр эбит.
К ү к ү р У у с (бэйэтигэр). Дьуур буолуо уонна ким ү´ү.
К у о ч а й. Оттон биир сырдык санаалаах тойон ки´и эйиэхэ
24