Page 35 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 35
Кыґыл Ойуун
(тобуктаан туран, дµІµрµн охсо-охсо)
Доом-эрэ-доом!!!
Доом-эрэ-доом!!!
Доом-эрэ-доом!!!
(Туох баар туруттан тµспµт эмэгэттэрин,
кыырар таІаґын, дµІµрµн, былаайа±ын —
барытын уокка быра±ар.)
Оґоллоох орто аан дойду
Одьунаас улуу ойууна
Ойууннуурбуттан уурайдым.
Ґіґээ-аллараа биистэрэ
Ґілэспин іІійбітµннэр,
Кырыыс кыйданнын,
Кыырар уурайдын.
Абааґыта да суох — айыы айма±ар
Алдьархай бі±і бэрдэ ада±ыйда…
(Сылайбыт киґи быґыытынан,
баран иттэнэ тµґэн сытар.)
Бырдьа бытык Хатан Тэмиэрийэ о±онньор
умайа турар оґохтоох уоттан быґа±аґыгар дылы былтайан тахсар.
Хатан Тэмиэрийэ
(уотунан тибиирэ-тибиирэ)
Аан дойду атыыра,
Ааттаах ойуун іллі.
МуІатыйдым,
МуІурданным…
Ким кэлээхтээн,
Кини курдук,
Кэрэх маска
Кэп туонуо±ай?
Минньигэс сыт
Мэлийдэ±э…
Айбыттыын аттанар
Алдьархайбыт кэллэ…
(тимирэ-тимирэ)
Аан дойду атыыра,
Ааттаах ойуун іллі…
(кібін тахсар)
Абааґы айма±а
Айманнын да±аны.
35