Page 39 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 39

Ыккый ойуур
                                  Ирим-дьирим
                                  Илибириир
                                  Тыаһа тыаһаан,
                                  Тыал салгыҥҥа
                                  Ибир-сабыр
                                  Иҥэрсийдэ.
                                  Тыҥ кырыыта
                                  Тырыбыныы
                                  Охсулунна,
                                  Оҥхол сиртэн
                                  Түүкэригэс
                                  Түүҥҥү туҥат
                                  Кытыылара
                                  Кыыһа оонньоон
                                  Көтөҕүллэн,
                                  Көтөн тахсан
                                  Ундаарыйа
                                  Унаарбыта.
                                  Күөгэлдьигэс
                                  Күөх хонуубут,
                                  Силбигирбит
                                  Сииктээх сирбит
                                  Сып-сымнаҕас
                                  Сылаас тыына
                                  Испэр-быарбар
                                  Иҥэн киирэн
                                  Сүрэхийим
                                  Сөрүүкээтэ.
                                                  1923 с.


                              СААСКЫ ДЬЫЛБЫТ

                          Кытара көҕөрөн, тунааран
                          Кылыгыраһан-чылыгыраһан турар
                          Арыы хатыҥ чараҥнары
                          Арыттарынан
                          Кылбайа тыган тахсар күннээх,
                          Кыыһар туҥат былыттаах,
                          Оонньуур өҥнөөх
                          Ойуу-бичик халлааннаах,

                                                                       39
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44