Page 44 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 44

оҕуһум,  ынаҕын  буоллаҕына  бэйэм  ынаҕым,  буолам  эмиэ
             бэйэм киэнэ. Оҕуһум биһикки үлэлээн айахпытын булунабыт.
             Һаай!.. — диир Урууп.
                — Эн  ити  сыыһа  этэҕин.  Колхозтар  атахтарыгар  тураннар,
             үлэлэрэ  үчүгэйдик  баран  истэҕинэ,  колхозтар  олохторо  үчү-
             гэйин,  бытархай  олорор  олох  куһаҕанын  билэн-көрөн  иһиэҥ.
             Хата, колхоз олоҕо икки бытархай олох иккини тэҥнии хо лоон,
             хайата ордугун эргитэ саныы сырыт.
                — Ээ, бу эн хайалараҕыный, доҕоор?
                — Ээ, мин оройуон кэмитиэтиттэн тахсыбыт боломуочунай-
             бын.
                — Боломуочунайбын  даа?..  —  диэтэ  Урууп,  тохтоон  туран,
             улахан баҕайытык көрін кэбиһэн баран.
                Оройуон комитетыттан тахсыбыт Баһылайап боломуочунай
             буола  оҕуруотун  үрдүнэн  тахсан,  токур-бокур,  адаар-идээр
             мутуктардаах  суон  тииттэрдээх  ойуур  устун  барар  хара  суол
             устун,  Урууптаахтан  чугас  олорор  Дунаай  диэн  ыалга  ааһан
             иһэн,  түһэн  чэйдээбит  ыалыгар  баран  истэ.  Суол  үрдүнэн
             быһа өкөһөн турар, хагдарыйан эрэр хатыҥнар сэбирдэхтэрэ
             иһиллэр-иһиллибэт тэлибирэһэллэрин иһиллии-иһиллии: «Оо,
             дьэ  хаалбыт  да  нэһилиэк,  биир  эмэ  партиялаах,  биир  эмэ
             комсомоллаах  суох,  саатар,  хаһыакка,  саатар,  биллэрии  да
             суруйар-хайыыр  киһи  суох.  Оройуон  да  комитета  тиийэн-тү-
             гэнэн салалта биэрбэккэ олорбут дойдута. Бэрт куһаҕан киһи
             нэһилиэк советын председателэ буолан, быһыыта, элбэх буу-
             тайы оҥорбут, колхозтар үлэлэрэ бэрт куһаҕан, туохха да наа-
             дата  суох  быһыылаах.  Тус-туспа  ийэ  уустара  колхоз  буолан
             бараннар,  бэйэ-бэйэлэрин  кытта  күрэстэһэ  олороллор,  кол-
             хозка  кілі  да  иннигэр,  сэп-сэбиргэл,  атын  да  мал  иннигэр
             эппиэттиир дьоннор суохтар. Үлэ социалистическай миэстэтэ
             да диэн суох. Үлэ күнүн түҥэтигэ да куһаҕаннык барбыт. Кол-
             хозка дьону сыһыарыахтарын, дьону тардыахтарын билиминэ,
             хата, дьону тэйитэллэр эбит. Ити Урууп курдук бэйэм малбын,
             сүөһүбүн  кууспутунан  бэйэм  туспа  олорорум  үчүгэй  диэччи
             үгүс.  Итинник  быһыыны,  итинник  санааны  билигин  суох  гы-
             ныы — биһиги биир улахан сорукпут. Дьэ бу нэһилиэк үлэтин
             кінніріргі харыны ньыппарынан, сорунан күүс үлэни ыыттах-
             ха сатаныыһы», — дии саныы истэ.

                /…/
                Сиидэрэп киһини таба көрбөт, сирэйэ-хараҕа суула өспүт,
             дьиэтигэр киирэн хаҥас диэки олордо.

              44
   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49