Page 48 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 48

— Дьэ ити сөптөөх санаа, урут биһиги бэрт аҕыйахтыы ха-
             һаайыстыба  колхоз  буолан  олорбуппут,  уон  түөртүү  хаһаа-
             йыс тыбалаах  колхоз  диэн  кырата  бэрт  этэ,  билигин  холбос-
             тохпутуна, ону даҕаны саҥа силиэттэр киирдэхтэринэ, отучча
             хаһаайыстыбалаах буолуохпут, ол диэн сөп аҕай дьоҕус колхоз
             буоллаҕа дии, — диир Макаар.
                — Оннук, оннук, — дэһэллэр дьоннор.
                — Биһиги  колхозтарга  бэйэлэригэр  мунньахтаан,  итини
             ылыннаран  баран,  оройуон  комитетыгар  сөбүлэтэн  баран,
             ити курдук холбоһон хааллахпытына сөп буолуохтаах, — диир
             Макаар.
                /…/

                                                                       1934 с.



                    Тылбытын байытабыт
                   Буут,  дьаам,  хадардаан  сылдьыбыт,  таһырахтата  санааһын,
                одуруун өлүү, балай күүс, сири кэлимсэлээһин диэн тыллар, тыл
                ситимнэрин быһаарсыҥ.



                    Ыйытыылар уонна сорудахтар

                1.  «Колхоз  олоҕо  икки  бытархай  олох  иккини  тэҥнии  хо-
                   лоон, хайата ордугун эргитэ саныы сырыт» диэн ким ки-
                   миэхэ эттэ? Тоҕо?
                2.  Сиидэрэптээх Малыыкаан курдуктар тустарынан кэпсэтиҥ.


                                                        АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

                «Кыһыныгар  кытаанах  тымныылаах  тыа  быыһыгар  кыбыл-
             лан олорор соҕотох киһи айылҕаны кытта хайдах кыайан мөк-
             күһүөй, айылҕаны хайдах кыайан хотуой? Айылҕа балай күүһү-
             гэр улам-улам бэйэтэ ылларан, бэйэтэ буорайар». Оттон эһиги
             санааҕыт?










              48
   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53