Page 51 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 51
Ааҕыы, ырытыы
КЭЧЧЭГЭЙТЭН КЭЛТЭГЭЙ ХАМЫЙАХТААХ БАСЫҺАР
(кэпсээн)
От үлэтэ бүтэн эрэр эбит. Онон-манан мутукча, сэбирдэх
кубарыйан эрэр, от төбөтө өһөхтүйбүтэ өр буолбут: сайын дии
санаатахха, тыый, быйыл от аанньа көҕөрбөтөх дуу диэх кур-
дук буолбут, күһүн дии санаатахха, ок-сиэ, хонук аастаҕа тоҕо
түргэнэй диэх курдук буолбут эбит. Быһатын эттэххэ, от-мас
дьүһүнүн кубулуппут. Арай туохтан даҕаны ордук саҥардыы
буспут бурдук сандааран көстөр буолбут эбит: «Үөннүүн-киһи-
лиин миигин көрөҥҥүт ымсыыгытыгар сыҥааххыт уутун кытаа-
тан сүүрдүҥ», — диэх курдук буолбут. Кэм-кэм сиэрдийэҕэ
киэһэ аайы үөн, киһи икки санааларын тапсыбат буолан
эрэл лэр эбит. Бурдук ыспыт ыал дьиэтин аайы үстүү-түөртүү
куолас ыйанан турара аҕайдаммат буол бут. Мин да этэр
ыалым Батакаайдаах маппатахтар. Быйыл саҥа бурдук ыспыт
ыал буолан куоластарын сүгүн туруорбат эбиттэр. Биир сар-
сыарда Батакаай Баһылай соҕотох хаалбыт туорааҕы ыстаан
көрөн баран, ойоҕор Кэтириискэ эттэ: «До ҕоор, сарсыҥҥы
баскыһыанньаттан ыла быһыыһыкпыт бурдукпутун, үчүгэйдик
ас киирбит эбит».
— Дьэкиим ойоҕо Мааппа сиэппэ атыылыыр сурахтааҕа,
ону бүгүн оккор баран иһэҥҥин таарыйан ыйытаар эрэ, бур-
дук ыһар буолан баран сиэппэтэ суох олоруохпут дуо? — диэтэ
Кэтириис, чабычаҕы сууйа-сууйа, күөх от буруотунан ыһаара
олорон.
Саҥа бурдук ыспыт дьон санаалара эрэ бурдуктара буолуо.
Баһылай бүгүн от охсо туран бурдугар үстэ тахса сырытта,
моҕотой үргүтэ, бурдук боруобалыы.
Сарсыҥҥытыгар сарсыарда эрдэ Баһылай Кэтирииһиниин,
оҕолорунаан сиэрдийэлэригэр бардылар.
«Аҕаа, бу бурдук дуу? Хаһан тахсыбытай, үнүрүүн эн ман-
на сүгэнэн сирин хаһан кээспэтэҕиҥ дуо? — диэн ыйытта
түөртээх уоллара Мэхээс, аҕатын көхсүттэн түһэн баран, бак-
кытын өрүтэ тарда-тарда, бу саас сылдьыбытын өйдөөн.
«Оттон ити бу саас хаспытым иһин биһиэхэ таҥара бурдук
бэссибит, манан оҕолорун ииттин диэн», — улаханы билбит
курдук, оҕотугар быһааран биэрдэ Баһылай.
«Ийээ, мантан хайдах түүтэх оҥороҕут?» — диэн ыйытта
51