Page 52 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 52
Мэхээс ийэтиттэн, биирдии-биирдии куолаһы быһыта тыыта
туран.
«Тоҕо үгүһү бискийэҕин, көр эрэ, мин хайдах түүтэх оҥо-
рорбун», — диэтэ Кэтириис оҕотугар, бурдук кытыытыгар ту-
ран эрэн былаатынан курдана туран.
«Өлөксөөс, чэ кытаатан итигэстээ, биһиги кэннибитигэр
хаал быт куоластары, сарсын дуу, өйүүн дуу саҥа бурдугунан
алаадьылаан сиэхпит. Элбэҕи итигэстээтэххинэ, элбэх алаа-
дьыны сиэхпит», — диэтэ Батакаай, тоҕус саастаах тымтайы
тутан турар кыыһыгар.
Баһылайдаах өр турбатылар: биирдэрэ быспытынан, иккис-
тэрэ үргээбитинэн бардылар.
Баһылай биир түүтэҕи быһан баран, эттэ оҕотугар Мэхээ-
лэҕэ: «Маарыын ыйыппытыҥ, хайдах түүтэҕи оҥороллор диэн,
көр, бу мин хайдах оҥордум».
«Аҕаа-аҕаа! Аҕал эрэ миэхэ сиэппэҕин, мин эмиэ түүтэх
оҥоруум», — диэтэ Мэхээс.
«Кэбис, илиигин быстыҥ, бар, хата, куоласта итигэстэс
Өлөксөөскө», — диэтэ ийэтэ.
«Аҕаа! Аҕал сиэппэҕин», — дии-дии аҕатын өрө тутан турда
Мэхээс.
«Аҕыйахтык быспахтаан баран аҕал», — диэтэ Баһылай, та-
бах тардаары түүтэҕин үрдүгэр олоро түһэн баран.
Иккитэ-үстэ таппата, Мэхээс сарылыы түстэ.
«Дьэ, ити киһи эппитин истибэтэҕиҥ, сааттыҥ дуо?» — дии-
дии ийэтэ кэлэн, оҕотун илиитин суулаан биэрдэ.
«Чэ, быстын, куһаҕанын биллэҕинэ, аны сиэппэни былдьа-
һыа суоҕа», — диэтэ Баһылай, табаҕын күлүн тэбии олорон.
Мэхээс ытаамахтаан баран, аҕатын сонун үрдүгэр утуйан
хаалла. Бурдуктарын быспахтаан баран, Өлөксөөһү уу бастара
ыыттылар. Кыыстара, кинилэр икки-үс түүтэҕи быһыахтарыгар
дылы, уу баһан эргийэн кэллэ. Күн орто буолла.
Аһыы олордохторуна, кинилэргэ тиийэн кэллэ Атаҕа Суох
уола Дьэримиэй.
«Хайа, доҕор, кэпсиэ, номнуо бурдук быһан имитэн эрэҕин
дуу», — диэтэ кэлбит киһи.
«Суох, эн кэпсиэ, бүгүн бу туох буолан күүлэйдээтиҥ», —
диэтэ Баһылай.
«Бүгүн Таҥара буолбат дуо, эһиги курдук Таҥараттан кут-
таммакка үлэлии сылдьыам дуо, маннык күҥҥэ», — диэтэ
эҥээрдэн Дьэримиэй.
«Суох, мин бүгүн мас да мастаабаппын, от да охсубаппын.
52