Page 54 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 54

потум»,  —  диэтэ  Дьэримиэй,  күлэ-күлэ,  сыыһы-буору  тыыта
             олорон.
                «Ок-сиэ!  Дьон  даҕаны  төттөрү  санаалаах  буолар  эбиттэр.
             Эн санааҕар дьадаҥы дьон бэйэлэригэр куһаҕаннык үлэлиил-
             лэрэ дьалаҕайдарыттан эрэ буолар дии. Кырдьык, төрүт дьа-
             лаҕай дьон син баар буоларын буолар да, мин ол дьон туһун
             эппэппин. Таах сүрэҕэлдьэс дьон туһун этэбин, маннык дьон
             арыт-арыт  үчүгэйдик  үлэлииллэрин.  Мындыр  киһи  билбэт
             буол бат. Хата эн эт, мин сүрэҕэлдьэс иккини, дьалаҕай иккини
             сатаан арааран билбэппин диэн. Итиэннэ эн этэҕин: «Кинилэр
             бэйэлэригэр  даҕаны  куһаҕаннык  үлэлииллэр»,  —  диэн.  Ити
             кыр дьык, дьадаҥы киһи бэйэтигэр үчүгэйдик үлэлээбитэ диэн,
             баҕар,  аҕыйах  буолуо  даҕаны.  Ол  барыта  дьалаҕайдарыттан
             көстөр,  сүрэҕэ  суохтарыттан  буолбатах.  Үксүн  киһиэхэ  үлэ-
             лээччи дьон барахсаттар бэйэлэригэр туох күн-дьыл былдьаһа
             үлэлииллэр. Баардаах киһиэхэ ымсыырбыт баҕаларыттан би-
             һиэхэ  эмиэ  баар  эрэ  буоллун  диэн  үлэлээхтииллэр.  Итиэннэ
             сорохтор  баҕас  куһаҕаннык  үлэлииргэ  үөрэнэн  да  хаалалла-
             ра  буолуо,  сорох  сатаан  быһаарбата  буолуо:  үчүгэйдик  үлэ-
             лээтэҕинэ үчүгэй буоларын, куһаҕаннык үлэлээтэҕинэ куһаҕан
             буо ларын,  суох  баҕар  саныыра  буолуо:  бэйэбэр  үчүгэйдик
             үлэ лээн  баран,  атын  киһиэхэҕэ  куһаҕаннык  үлэлээтэхпинэ,
             алыс  сүөргүтэ  бэрт  буолуо  диэн,  атыны  даҕаны  саныыллара
             буолуо. Саха урааҥхай мындыр санаатын туох ситиэ баар буо-
             луой», — диэтэ Баһылай.
                «Ким  билэр,  доҕор,  үгүс  үгүһү  эттиҥ  да,  куһаҕан  өйдөөх
             киһи үлтү сынньыллан хаалла», — диэтэ Дьэримиэй, саатыттан
             баһын дөксө аллара төҥкөтөн баран.
                — Эн бэйэҥ да билэриҥ буолуо. Былырыын Куобах Оҕото
             Хоноһо  икки,  Мэник  Мэхээс  икки  Улахан  чараҥҥа  сир  табы-
             йарга  бэдэрээттээбиттэрин  Уһун  Уоһукка.  Тас  да  көрүҥүттэн
             көрдөххө,  үлэлиирин  да  иһиттэххэ,  кырдьык,  киһи  астынар
             киһитэ.  Быйыл  иһиттэхпинэ,  Куобах  Оҕотун  сиригэр  туох  да
             тахсыбатах  үһү,  дэлби  от-мас  тахсыбыт  үһү,  хата,  бу  саас,
             хас да суханы алдьаппыт сурахтаахтар. Оттон Мэник Мэхээскэ
             туох  да  алыс  гына  тахсыбыт.  Дьэ  маҥнай  көрдөххө  дьиибэ
             баҕайы. Биир сир буолуо ини, биир киһи табыйыа буолуо ини
             итиэннэ маннык суол буоллаҕа. Маны мин дьиибэргээн ыйы-
             талаһабын дьонтон. Арай кэннэки сиһилээн иһиттэхпинэ, Уоһук
             Куобах  Оҕотугар  баара-суоҕа  түөрт  сүүскэ  табыйбыта  үһү
             боппууда сирин, оттон Мэник Мэхээлэҕэ буут сирин уон икки
             сүүскэ табыйбыта үһү», — диэтэ Баһылай.

              54
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59