Page 50 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 50
КУЗЬМА ОСИПОВИЧ ГАВРИЛОВ–ТЫА ОҔОТО
(1890—1939)
К. О. Гаврилов кыра сааһыгар бэ-
йэтин дьоҕурунан уонна дьулуурунан
церковнай-приходской оскуоланы бү -
тэрбитэ. Салгыы нэһилиэгин дьоно,
үөрэххэ дьоҕурдаах уолга харчы хому-
йан, Дьокуускайдааҕы реальнай учи-
лищеҕа ыыталлар. Дьэ мантан ыла
кини өркөн өйүнэн, дэгиттэр дьоҕу-
рунан Сахатын сирин сайдыытыгар
үгүһү оҥорбута, төрүттээбитэ. Саха
бастакы үөрэхтээхтэрин курдук эмиэ
биир чаҕылхай патриот этэ.
1918 сыллаахха «Холбос» атыы-эр-
гиэн cойууһун олохтообута. Москваҕа
дойду салалтата Саха сиригэр аһы, таҥаһы, араас тээбирини
ыытарын ситиспитэ, дойдутун экономическай уонна култууру-
най кыһалҕаларын быһаарбыта. Сахалыы сурук атаҕар туран,
үөрэх тэнийиэн аһара баҕарара доҕоругар С. А. Новгородовка
суруктарыттан көстөр. 1920-с сылларга «Саха омук» култуу-
рунай-сырдатар уопсастыба биир тэрийээч читинэн буолбута,
онно литератураҕа хайысханы иилиирэ-саҕалыыра.
1938 сыллаахха сымыйанан буруйданан хаайыллар уонна
1939 сыллаахха ытыллар. 1957 сыллаахха олоҕо суох буруй-
даммыта быһаарыллан, аата-суола чөлүгэр түспүтэ. Кини
со ҕотох кыыһа Мария Кузьминична Гаврилова, географичес-
кай наука дуоктара, аан дойдуга биллиилээх улахан учуонай
буолбута.
К. О. Гаврилов кэпсээннэрэ саха литературата сайдыыты-
гар улахан суолтаны ылбыттара. 1912—1913 сс. «Саха саҥа-
та» сурунаалга аан бастаан бэчээттэммиттэрэ. Бу саҕана кини
22 эрэ саастаах да буоллар, норуот олоҕун сыныйан, дириҥ-
ник билэрэ көстөр. Саха прозата киниттэн саҕаламмыта диэн
чинчийээччилэр бэлиэтииллэр.
Быйыл эһиги кини икки кэпсээнин билсиэххит, итиэннэ бу
айымньылартан оччотооҕу норуот туох өйдөөҕүн-санаалааҕын,
майгылааҕын, итэҕэллээҕин билиэххит.
50