Page 46 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 46

Киниэхэ туох көстөр бука барыта саҥа таптаабыт сүрэх курдук
             үөрэр-күлэр.
                — Бу куораттан тоҕо тахсан иһэҕин, доҕоор? — диэн ыйытар
             Баһылайап.
                — Куораттан  бэйэм  оройуоммар  тахсан  иһэбин,  комсомол
             тэрилтэтэ туох үлэни биэрэр да, ону үлэлиэм, — диир. Мин бэ -
             йэм баҕарар үлэм колхоз үлэтэ этэ, колхоз үлэтигзр ыытыах-
             тара дуо? — диэн ыйытар.
                — Ыытыахтара, тоҕо ыытыахтара суоҕай?
                — Ээ, оттон баҕалаах үлэбэр ыытталлар үчүгэй буолуо этэ.
             Көр эрэ, ити саха бааһынайа үөрэҕэ суоҕа, хараҥата туох да
             олус. Саха үөрэҕэ суоҕуттан кинини одуруун өлүү тутан сиир,
             хараҕа суох, тайаҕынан сирдэтэн сылдьар туох да үгүс; кинини
             сэллик тутан сиир, төһө эмэ үгүс эдэр ыччат дьоллоох олоҕу
             олорбокко өлөн самнар. Ити барыта урукку эргэ олох саҥнара
             буолаллар.  Урукку  олоҕу  үлтү-хампы  сынньан,  тиэрэ  эргитэн
             саҥа олоҕу оҥоруохха. Саҥа олох оҥоһуллар суолугар киирэн
             эрэбит, ол суолбут — колхоз.
                — Ээ,  оннук,  —  диэн  сэҥээрэн  сылаас  хараҕынан  көрө-
             көрө, сэргиир Баһылайап.
                — Кырдьыга  даҕаны,  санаан  көрдөххө,  доҕоор,  бу  чуҥкук,
             кыһыныгар  кытаанах  тымныылаах  тыа  быыһыгар  кыбыллан
             олорор  соҕотох  киһи  айылҕаны  кытта  хайдах  кыайан  мөккү-
             һүөй, айылҕаны хайдах кыайан хотуой? Айылҕа балай күүһүгэр
             улам-улам  бэйэтэ  ылларан,  бэйэтэ  буорайар.  Оттон  колхоз-
             ка түмсэн үгүс буолан тыаны, сири солоотоххо төһө кэмнээх,
             төһө киэҥ килэмэн солооһуннар тахсыа этилэр, онтон хайдах
             курдук  быйаҥ  тахсыах  этэй?!  Сирбит-дойдубут  ньуурун  ула-
             рытыах колхоз баар.
                — Ээ, оннук, — диир Баһылайап.
                — Мин  бэйэбин  уопсастыба  биир  актыыбынай  аатамы-
             нан  сананабын,  актыыбым  быһыытынан,  колхозка  үлэлээн
             көрүөхпүн баҕарабын.
                — Оо, дьэ, колхоз үлэтэ киэҥ үлэ буолар, киэҥ үлэ, киэҥ
             суол.
                — Ээ, дьоллоох олоххо киирэр суолбут…
                — Дьэ үлэлээн кытаатан көр.
                — Оттон  дьэ  колхоз  эрэ  үлэтигэр  ыытталлар,  үлэлээн
             көрүөм этэ.
                «Көр, итинник энтисийээстэри киллэрэн, кинилэри үчүгэй-
             дик  салайан  үлэлэттэр,  үлэ  тахсыа  этэ»,  —  дии  саныы  истэ
             Баһылайап.

              46
   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51