Page 41 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 41

Сөрүүн салгыҥҥа
                             Сөтүөлүү оонньоото.
                             Сүрдээх үчүгэй ньулуун,
                             Сөрүүн салгыны
                             Сүүйэн истим,
                             Утаҕым ханна…



                Тылбытын байытабыт

               Түүкэригэс — сахсархай.
               Ундаарыйа — ыраахтан көстөн.
               Ирим-дьирим, ибир-сабыр, түүҥҥү туҥат, кыыһар туҥат, са-
            тыы  харыйалар,  күлүбүрэс  салгын  диэн  тыл  ситимнэрин  быһаа-
            рарга холонуҥ.



                Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1.  Бэйиэт айылҕа араас көстүүтүн ханнык тылларынан биэрэ-
               рий? Хоһооннору аахпыт кэннэ туох иэйии эһигини кууста?
            2.  Маҥнайгы  хаар  үөрүүтүн,  киниэхэ  тапталы  тиэрдэр  тыл-
               лары булуҥ.
            3.  Ким­туох «Күөх оонньуур өҥнөөх
                Күлүбүрэс Сөрүүн салгыҥҥа
               Сөтүөлүү оонньоото»?
            4.  Хаар  …  ыллаата,  хатыҥ  чараҥ  хамсаабыта,  тыал  иҥэр-
               сийдэ…,  о.д.а.  курдук  айылҕаны  тыыннааҕымсытан  хоһу­
               йуута тугу этэрий?
            5.  Дьыл ханнык кэмин ордук сөбүлүүгүт? Тоҕо?
            6.  Биир сөбүлээбит хоһооҥҥутун өйтөн ааҕа үөрэниҥ.



                Тыыннаах тыл

            y   «Испэр-быарбар Иҥэн киирэн Сүрэхийим Сөрүүкээтэ», «Саас-
               кы дьылбыт Сардаҥаран турар», «Сөрүүн салгыны Сүү йэн ис-
               тим, Утаҕым ханна…» диэн хоһуйуулар этэр санааларынан сэ-
               һэргэһиҥ.
            y   «Айылҕа уонна Киһи уйулҕалара биирдэр диэхпитин сөп дуо?»,
               «Саха — айылҕа оҕото» диэн тиэмэлэргэ өйтөн суруйуҥ.





                                                                       41
   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46