Page 45 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 45

— Дьэ, Сиидэрэп, эйиэхэ нэһилиэк харчыта икки тыһыынча
         баар, ону манна баар гын, — диэтэ Баһылайап оргууй соҕус.
            — Ыл аҕал эрэ күлүүс тылын, — диэн ойоҕуттан Хабалдьыйа
         Харытыанаттан  күлүүс  тылын  ылан  ампаарыгар  таҕыста.  Ол
         тахсан биэс мөһөөх харчыны киллэрэн Баһылайапка туттарда.
            — Биэс мөһөөх дии, хайа балтараа тыһыынчата?
            — Балтараа  тыһыынчата  суох,  —  диир  куттанан  салҕалыы-
         салҕалыы.
            — Ханна гыммыккыный?
            — Нэһилиэк  киирэр-тахсар  харчытын  Малыыкаан  суруксут
         бэлиэтиир  этэ,  харчыны  кини  тутара,  кини  билиэҕэ,  —  диир
         силин быһа ыйыста-ыйыста.
            — Мин  хаһан  нэһилиэк  харчытын  туппуппун  этэҕин,  сиэн
         баран. Миэхэ балыйаары гынаҕын дуо?! — диир Малыыкаан.
            — Нэһилиэк харчытын мин сиэбэтэҕим, эн сиэбитиҥ, мэл-
         дьэһээри гынаҕын дуо?
            — Мин сиэбэтэҕим, эн сиэбитиҥ, туоһулар бааллар.
            — Туоһулар бааллар, эн сиэбитиҥ, — диэн балыйсыы ула-
         хана буолла.
            Сиидэрэп  икки  Малыыкаан  иккини  хаайаллар.  Сиидэрэп
         утуйар ампаара билигин киниэхэ хаайыы буолла.
            Дьадаҥылар  уонна  президиум  мунньаҕар  народ  харчытын
         сиэбит,  нэһилиэк  дьыалатын  иирпит,  буутайдаабыт,  улахан
         туора  быһыылары  таһаартаабыт  председателлээх  суруксу-
         ту  эһэн,  суукка  биэрэргэ  уонна  нэһилиэккэ  председателинэн
         Макаары оҥорорго, оройуон комитетыттан үчүгэй салалталаах
         суруксуту көрдүүргэ уураах таһаардылар.
            Онон  Макаар  председатель  буолла.  Сиидэрэптэр-Малыы-
         кааннар дьыалалара силиэдэбэтэлгэ атаарылынна. Бэйэлэрин
         хаайыыттан таһаартаан кэбистилэр.

                                       * * *
            Баһылайап оройуон комитетыгар баран иһэн аараттан, биир
         дьаамтан ыла, куораттан тахсан иһэр биир Хабычча диэн ком-
         сомол уолу кытта аргыстаста.
            Уохтаах  аттары  миинэн  баран,  дьаам  суолун  устун  тили-
         гирэтэ  көтүтэн  иһэллэр,  икки  өттүлэринэн  күһүҥҥү  араҕас
         мутукча  куорсуннаах  титириктэр,  күөх  бэрдьигэстэр  элэгэл-
         дьиһэн  ааһаллар,  аттарын  туйаҕын  анныттан  буор  өрүкүйэн
         буруо курдук унааран иһэр!
            Хабычча сиэрэй булууһалаах, кыһыл бирээски курдаах, ма-
         ҥан  хортуустаах.  Бэйэтэ  сүүрбэччэлээх,  иҥин  хаана  кэйбит.

                                                                       45
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50