Page 49 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 49
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Уус-уран литератураны чинчийииттэн
Биһиги Сахабыт сирин киэҥ-дэлэгэй айылҕатын, кини баай хара
тыатын, дэхси көнө хонуутун, ыраас чэбдик уутун, эгэлгэ кэрэтин
хоһуйбут маҥнайгы улахан бэйиэттэрбититтэн биирдэстэрэ кини…
Амма Аччыгыйа
Күндэ хоһоонноругар оннооҕор хонуу ото, сир симэҕэ кытта сип-
сиһэр сэһэннээх, хобугунаһар хоһоонноох буолбуттара. Сир ийэ
бүтүннүүтэ нүөл, өҥ-тот, уйгу, нуһараҥ, намылхай. Манна сылгы,
ынах халыҥ үөрэ көҥүл мэччийэр, толору астаах куолас торолуйа
буһар, халыҥ сискэ күндү түүлээх өлгөмнүк тоҕуоруйар.
Е. В. Фёдоров
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
А. А. ИвановКүндэ айар үлэтин туһунан биир эбэтэр икки
литературоведческай үлэҕэ бэйэҕит санааҕытын этэн, ырытыы-
та оҥоруҥ.
Аах. Бил. Туһан
1. Г. Васильев. Нууччалыысахалыы поэтическай тылдьыт. —
Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издатта, 1976. — 207 с.
2. Кыыһар туҥат: кэпсээннэр, хоһооннор, пьесалар, ыстаты
йалар, ахтыылар./В. С. Парников уруһуйа. — Якутскай:
Кинигэ издатвота, 1979. — 296 с.
3. Софрон Данилов. Алексей Андреевич Кµндэ. / Суруйааччы-
лар уонна кинигэлэр. — Якутскай: Саха сиринээ±и кинигэ
издвота, — 1980. — С. 183—189.
49