Page 53 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 53

Таҥара бэйэтэ биэрбит аһын хомуйабын, онуоха аньыы баар
         буолуо дии санаабаппын», — диэтэ Баһылай, күлэ-күлэ.
            «Даа,  дьэ  буоллаҕа.  Бу  быйыл  эн  хас  бууту  ыспыккыный,
         урут эн дуорас ыспат киһи баарыҥ».
            «Иккини  даа  буоллар  ыстаҕым  дии  санаан  турабын,  көр-
         бөккүн дуо, бу тахсан унаарыйан турарын», — диэтэ Баһылай.
            «Мин маннык, баарын-суоҕун бары кэпсиир саханы аҕыйа-
         ҕы көрөбүн. Саха үксэ көрдөрбүтүнэн даа туран кэриэлийэ ту-
         рар идэлээх. Атын буоллар этиэ этэ: «Оттон ити быйыл ханнык
         эмэ  быкпыт»,  —  диэн.  Дьэ  кырдьык,  доҕоор,  дьоллоох  баҕа-
         йыгын, быйыл кыһын эйиэхэ сиириҥ баар буолсук», — диэтэ
         Дьэримиэй.
            «Эдэр киһибин, дьолум ханна барыаҕай, олохпун-дьаһахпын
         булан бардахпына, дөксө аһы таһааран сиир буолуом», — диэ-
         тэ Баһылай, кини урут өрүү айаҥҥа сылдьар этэ.
            «Сатыыр,  кыайар,  бааттаах  диэн  ити  тухары  үчүгэй,  онтон
         биһиги буоллаҕына, сааспыт үйэтин тухары муҥнанабыт-муҥ-
         нанабыт да, туох да суох», — диэтэ Дьэримиэй.
            «Эһиэхэ сатаабатаххытына кырдьар сааскытыгар үйэҕит ту-
         хары да буолуо. Эһиги бэрт быыкаайыгы сатаабаккыт, харчыга
         алыс харамсыйаҕыт, харчыны харыстааҥҥыт аанньа үлэ дуон-
         наахтык үлэлэппэккит дьону. Эһиги дьону туой суоҕунан-дьа-
         даҥытынан  бобон  үлэлэтэҕит.  Дьадаҥы  дьон  эрэйдээхтэр
         кыһалҕаттан  ханнык  да  кыра  хамнаска  киирэн  үлэлииллэр.
         Кинилэр ама эһиги кыра хамнаһы биэрэргитин билбэттэр үһү
         дуо? Ама маннык хараҥа баттыгаһы сатаан көрбөттөр, санаа-
         баттар үһү дуо? Хата эһиги, бу баайдар, маны бэйэҕит сатаан
         арааран билбэккит буолуо. Дьадаҥы дьон бу эһиги баттыгас-
         кытыгар батары тугу да саҥарбатахтарын иһин, арыт бэйэлэрэ
         даҕаны быһааран билбэккэ эрэ, ордук куһаҕанынан толуллар:
         кинилэр аанньа ахтан үлэлээбэттэр. Онон кинилэр үлэлээбит
         үлэлэрэ ылар да хамнастарыгар остойуута суох буолар. Мин
         бэйэм  урут  хамнаска  сылдьыбыт  буоламмын,  хамнас  үчүгэ-
         йин-куһаҕанын  билэбин.  Ааспыт  аньыыны  аны  тугун  кистиэх-
         пиний,  мин  бэйэм  эрэ  куһаҕан  хамнастаах  ыалга  аанньа  ах-
         тан үлэлээбэт буоларым, оттон үчүгэй айахтаах ыалга өлөрбүн
         билбэккэ  үлэлиир  буоларым»,  —  диэтэ  Батакаай  Баһылай
         итиэн нэ  Дьэримиэй  диэки  кылап  гына  көрөн  кэбистэ,  кини
         тугу диир эбит диир киһилии.
            «Киһиэхэ  куһаҕаннык  үлэлиир  дьон  бэйэлэригэр  даҕаны
         үчүгэйдик  үлэлээбиттэрин  мин  быһа-хото  өйдөөбөппүн,  ман-
         нык  дьоҥҥо  үчүгэй  да  хамнаһы  биэриэхпин  бэйэм  эрэ  хоп-

                                                                       53
   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58