Page 55 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 55

«Баҕар, сааскы үлэтин таппатаҕа буолуо Куобах Оҕото», —
         диэтэ Дьэримиэй.
            «Тыый,  ити  туох  диэтэххиний?  Быйыл  саҥа  табыыр  сирэ
         аһы таһаарбатаҕа диэн суох, итиэннэ Куобах Оҕото урут, бы-
         йыл  даҕаны  сири  сухатынан  хааллатта  диэн  суох.  Былырыын
         бэйэтэ табыйбыт сиригэр быйыл бэрт бурдук тахсан турар», —
         диэтэ Баһылай.
            «Ким  билэр,  доҕор,  ити  эн  эттэххинэ  барыта  кырдьыкка
         дылы,  атыттар  эмиэ  атыны  туойар  буоланнар,  хайаҕыт  кыр-
         дьыгы этэрин сатаан ыпсыылаабат буолан бардым. Ол эрээ-
         ри, уһаты-туора санаан көрдөххө, эн этэриҥ, кырдьык даҕаны,
         ордукка дылы», — диэтэ Дьэримиэй.
            «Дьэ эн санааҕар Куобах Оҕотун ороскуота ама икки сүүс-
         тээҕэр итэҕэс буолуо дуо? Ити бары куһаҕан икки эрэ сүүстэн
         таҕыста.  Итэҕэс  буолуохтааҕар  төһөнөн  эмэ  ордук  буоллаҕа
         дии,  барахсан  алдьаммыт  киһи  көр  куһаҕан  санаалаах,  ити
         курдук куһаҕаны аҕала турар», — диэтэ Дьэримиэй ол-бу диэки
         көрө туран.
            «Итиннэ  Уоһук  эмиэ  тугу  соҕотоҕун  буруйданарый?  Ордук
         Куобах  Оҕото  бэйэтэ  буруйдаах,  итини  иһиттэҕинэ  миигин
         мөҥөрүн мөҥүө да, бэйэтин буруйун билинэрин билиниэ суо ҕа
         даа. Бэйэтэ кэччэгэйэ бэйэтин сиэтэҕэ дии. Кэччэгэйтэн кэл-
         тэгэй хамыйахтаах басыһар диэн ити буоллаҕа. Ити икки сүүһү
         киһи  курдук  муҥ  саатар  чэйинэн-табаҕынан  биэртэ  буол лун,
         Уоһук хайдах үллэ-үллэ түһүө этэ. Билигин боппууда сириттэн
         быйылгы дьыл быһыытынан, apaaha, сүүрбэ сүүстээх бурдугу
         сиэ этэ, бу дьол буолбат дуо? Биир сыл иһигэр бары орускуо-
         тун  барытын  ситиһэр,  оттон  кини  билигин  сүүрбэ  даа  сылга
         ситиһэрэ биллибэт», — диэтэ Батакаай Баһылай.
            «Дьэ,  кырдьык,  табылыннаҕына  ситиһиэ  да  суоҕа  доҕор.
         Миэ хэ  биир  сир  баар  этэ,  оҥорторбутум  Уолай  түөкүҥҥэ,
         apaaha,  уонча  сыл  буолта  буолуо.  Ол  туххары  толору  буут
         бурдугу ылан сии иликпит буолуо, хата, apaaha, уонча суханы
         кумалаабытым буолуо», — диэтэ Дьэримиэй.
            «Баҕар, ол эмиэ биир-икки сүүстэн буолуо. Мин санаабар,
         туох  бары  үчүгэй  тахсар  дьон  санаатын  табарыттан.  Оттон
         маннык  дьыалаҕа  киһи  туора  киһи  санаатын  үбүнэн-аһынан
         арай табыаҕа», — диэтэ Баһылай олорбохтуу түһэн баран.
            «Чэ, доҕор, күн ыраатта, тугу үгүhү лабаҥхалыы олороҕун,
         үлэлээмэхтээн  баран,  барыах  дьиэбитигэр»,  —  диэтэ  ойоҕо
         Кэтириис бурдугар баран иһэн.
            Дьэримиэй  түргэн-түргэнник  бара  турда  дьиэтин  диэки.

                                                                       55
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60