Page 56 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 56

Бу иһэн кини санаата эрэ бурдук сирэ, Куобах Уола, куһаҕан
             санаалаах Уһун Уоһук буолла. «Ок, абакка эбит, буурдук үлэ-
             лии-хамсыы турдаҕына, харахха саайбыт киһи», — дии саныы
             истэ туой.
                «Кырдьык, Куобах даа уола буруйдаах, муҥ саатар тугу эмэ
             бэссиинэн биэриэ этэ», — дии саныы истэ туой.
                Баһылай туран баран, аргы оҥорон, быспыт бурдугун дэл би
             ыйаата таҥнары.
                Ол ыккардыгар киэһэ буолла. Биһиги дьоммут тиэтэйэ-саа-
             райа дьиэлэригэр бардылар. Баһылай дьиэтигэр киирэн иһэн
             бэрт  элбэҕи  саныы  истэ.  Кини  санаатыгар  дьон  дьадайара
             барыта сатабыл суоҕуттан.
                Сатаабат тахсар бэрт кыччыгыйтан, маны биһиги эрэйдээх-
             тэр сатаан көрбөппүт, сатаан булбаппыт дии саныы истэ. Мин
             санаабар, солкуобайы киһи эрэ биэрэр диэн ылан баран, са-
             таан  төлөөбөтөххө,  саас-үйэ  тухары  куһаҕан  даҕаны  буо луох -
             таах  дии  саныыр,  туой.  Куһаҕан  сыаната  даа  суох  кэҥсэрии
             итинник  буолуохтаах  диир.  Биир  харчынан  сыыһан  баран
             мөһөөххө тиийэ охсуллуохха сөп диир, туой.

                                           «Саха саҥата», 1913, 1 №, 11—17 с.



                    Тылбытын байытабыт

                   Чабычах — намыһах төгүрүк быһыылаах туос иһит.
                   Аргы — ону-маны ыйыырга аналлаах атахтарга ууруллубут сы-
                тыары мас.



                    Ыйытыылар уонна сорудахтар

                1.  Баһылай уонна Дьэримиэй кэпсэтиилэриттэн тугу өйдөөтү-
                   гүт? Бүгүҥҥү олоххо туһалаах баар дуо?
                2.  Кэпсээҥҥэ төрөппүт оҕотун иитэр түгэннэрэ бааллар дуо?
                   Холобурдааҥ. Бэйэҕит туохха эмэ үөрэннигит дуо?
                3.  «Хата  эн  эт,  мин  сүрэҕэлдьэс  иккини,  дьалаҕай  иккини
                  сатаан арааран билбэппин диэн. Итиэннэ эн этэҕин: «Ки-
                  нилэр бэйэлэригэр даҕаны куһаҕаннык үлэлииллэр» диэн
                  санааны туох диигит?
                4.  «Былырыын  Куобах  Оҕото  Хоноһо  икки,  Мэник  Мэхээс
                   икки  Улахан  чараҥҥа  сир  табыйарга  бэдэрээттээбит-
                   тэрэ» уратылаах эбит дуо?

              56
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61