Page 47 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 47
Баһылайап оройуон комитетыгар кэлээт, Саһар нэһилиэгин
быһыытын-майгытын толору кэпсээн биэрдэ. Партия, ком-
сомол оройуоннааҕы комитеттарын кытта кэпсэтэн, Хабычча
комсомолуһу Саһар нэһилиэгэр суруксутунан таһаарар буоллу-
лар. Ол курдук Хабыччаны толору сүбэлээн, соргулаан, усту-
рууксуйалаан нэһилиэк үлэтигэр таһаардылар.
Күһүн. Үөһэ үрдүк халлааны көхсүнэн хотуттан соҕуруу ту-
руйалар сэлэлээн ааһаллар, кыллыгыр-кыллыгыр тойуктара
иһиллэр. Киэҥ толооннор кырыстара хагдарыйан кытарбыт,
дулҕалар төбөлөрүгэр ала-тала ханнык эмэ оттору тыал эйэ-
ҥэлэтэр, ханна даҕаны тыас-уус, саҥа-иҥэ суох, уу чуумпу,
онно-манна ыарҕалар көҕөрүмтүйэ тунааран көстөллөр. Баһа-
атаҕа биллибэт киэҥ тыа мутукчата хагдарыйан, ыһыллан, ал-
лара саккырыыр, ойуур суоллара араҕас баархат көбүөрүнэн
тэлгэммиттэр. Төгүрүк алаастарга, утум-ситим оҥоот-чоҥоот
сыһыыларга оттор кээһиллибиттэр, онно-манна ынахтар мэч-
чийэ сылдьаллар.
Үрэхтэр үрдүлэрин, алаастар кытыыларын, сыһыылар ту-
мулларын устун ыаллар күһүҥҥү тэрээһиннэрин тэринэллэр.
Эр дьоннор кыһын от тиэйэн чохчолуур күрүөлэри оҥорол-
лор, хахха-хахха сирдэргэ сүөһү аһатар даллары тутаттыыл-
лар. Уолат тар хотон кур сыбаҕын суллаан, чохчолуу-чохчолуу
уматаллар, дьахталлар хотоннору сыбыыллар.
Алаастан көстөр-көстүбэт куруҥ ойуур иһигэр Макаар оло-
рор балаҕана сэмнэллэн турар, үрдүгэр от саба үүммүтэ хаг-
дарыйбыт, дьиэ хаҥас өттүгэр, дьиэттэн туспа оччугуй хотон
сабыс-саҥа сыбаммыт, олбуору тула үстүүлээх сигэ оҕуруот,
онно хас да ыҥыырдаах ат бааллан турар, дьиэ таһыгар он-
но-манна дьоннор сылдьаллар, ол-бу мастарга, дүлүҥнэргэ,
оҕуруот да үөһэ сэргэстэһэн олорон кэпсэтээччилэр да баал-
лар. Дьиэҕэ киһи ыы-быччары. Остуолу тула нэһилиэк сове-
тын президиума олорор. Хабычча хараҕа уоттанан үчүгэйдик
ирэн-хорон туран тыл этэр./…/
Саҥа председателлээх суруксут нэһилиэк мунньаҕын ыҥы-
ран, сир кэлимсэлээһинин уонна да атын араас боппуруоста-
ры туруорбуттар.
/…/
— Онон, доҕоттоор, мин санаабар, маннык, — диир Дьараа-
һын, — биһиги бу сирбит түөлбэтигэр олорор икки колхоз хол-
боһуоҕуҥ.
— Хата, ити сөп.
— Бэрт сөп, — дэстилэр дьоннор.
47