Page 42 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 42

АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

                1.  Хоһооннору ааҕыы кэннэ харахха хаалбыт, сүрэххэ сөҥмүт
                   түгэни хартыынаҕа түһэриҥ.
                2.  «Дьылбыт кэмнэрин Күндэлии хоһуйабыт» диэн бырайыагы
                   бэлэмнээҥ.



             Ааҕыы, сэһэргэһии
                                       СОЛООҺУН

                                (сэһэнтэн быһа тардыы)

                Урууп маҥан муннулаах саадьаҕай оҕуһунан дьиэ хаҥас өт-
             түнээҕи  эргэ  буолагын  паардыы  турда.  Ол  турдаҕына,  биир
             тобугун  ааһар  уһун  саппыкылаах,  бинсээктээх,  кыырыктыйан
             эрэр баттахтаах хара киһи тиийэн кэллэ. Урууп, урут көрбөтөх
             киһитэ буолан, дьиктиргии кірді. Кэлэн кэпсэппитигэр:
                — Бу хайа диэкигиний? — диэн ыйытта.
                — Ирсикээ диэкибин. Бу аны саас ыһар сиргин паардыыгын
             дуу? — диэн ыйытар, суха суолун устун батыһа хааман иһэн.
                — Ээ, аны саас ыһыам диэн паардыыбын.
                — Сааскы сиэмэҥ бурдуга баар дуу?
                — Суох буоллаҕа дии.
                — Суох даа?! Оттон хантан булан ыһыаҥый?
                — Аны кыһын булаа инибин.
                — Хас бууту ыһаҕын?
                — Ээ, аҕыйаҕы, муҥутаатахпына алта бууту ыһабын.
                — Быһайын бурдугуҥ хайдах этэй?
                — Оттон ханнык эмэ үүммүтэ.
                — Быһаас хас бууту ыспыккыный?
                — Алта бууту.
                — Онтон хас буут бурдугу хомуйдуҥ?
                — Ким билэр, хас буут тахсыбыта буолла? Түөрт уонча буут
             тахсыбыта дуу?
                — Ону эн ханна гынан, ыһар бурдуга суох буоллуҥ?
                — Онно-манна  туттан,  аһаан-сиэн  кэбистим.  Миэхэ  кэлэн
             сайыны быһа мунньахтыыр үгэстэммиттэрэ. Онно кэлэр-барар
             ыалдьыт,  хоноһо  сиэн  бүтэрдэ  уонна  бурдук  хомуурун  хам-
             паанньатыгар ылбыттара. Биһигинник кыра дьонтон ханнык да
             бурдуктаахтартан ордук түһэрэн ылбыттара.
                — Ол тоҕо?

              42
   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47