Page 38 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 38
АЛЕКСЕЙ АНДРЕЕВИЧ ИВАНОВ–КҮНДЭ
(1896—1934)
А. А. Иванов-Күндэ оҕо эрдэҕиттэн
билиигэ тардыһа улааппыта. Төрөөбүт
тылын, литературатын чинчийээччи
буола үүммүтэ, онно улахан кылаа-
тын киллэрбитэ. Норуот култуурата,
өйө-санаата, билиитэ сайдыытыгар бэ-
чээт суолтатын өйдөөн, 1924 с. Мос-
кваҕа тэриллибит ССРС норуоттарын
киин издательстволарыгар саха сиэк-
сийэтин тэрийэн, 3 сыл тухары соҕо-
тоҕун кэриэтэ үлэлээбитэ. 1927 сыл-
лаахха дойдутугар кэлэн, «Кыым» ха -
һыакка, 1929 сылтан Саха сиринээҕи
кинигэ бэчээттиир кыһаҕа эппиэттиир
эрэдээктэрдэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Саха литературатыгар айар үлэтэ дьоһун миэстэни ылбыта.
Эһиги 5 кылааска Күндэ «Төрөөбүт тыл» диэн күн бүгүҥҥэ
диэри хас биирдии саха киһитин кутун тутан, уостан түспэт,
дууһаны ортотунан киирэр хоһоонун билсибиккит, үөрэппик-
кит. Бэйиэт төрөөбүт тыл «саппа-садарах уотунан күтүр ха-
раҥаны күлүмнэтэ сырдатан», норуоту сырдатар, сайыннарар
кыаҕын эппитин өйдүүгүт.
Күндэ саха литературатыгар төрөөбүт дойдуга тапталы
кини дьикти кэрэ айылҕатын субу баардыы, тыынан, долгул-
дьуйан тупса турар ойуулааһынынан ааҕааччыга истиҥник
тиэр дибитэ.
XX үйэ 30 сс. саха ааҕааччытыгар Күндэ «Марба», «Доро-
моонноох», о.д.а. кэпсээннэрэ улахан сэҥээриини ылбыттара.
Ааҕыы, ырытыы
ТӨРӨӨБҮТ СИР
Сэлибирэс
Сэбирдэхтээх,
Илигирэс
Илбиргэстээх
Хатыҥ чараҥ
Хамсаабыта.
38