Page 43 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 43
— Ким билэр, оттон ол курдук этэ.
— Колхозтаргыт үлэлээбит быйаҥнарын үллэстэн бүтэр-
дилэр дуо?
— Бүтэрбиттэр үһү.
— Хайдах үллэстибиттэр үһү?
— Ээ, ким билэр, хайдах үллэстибиттэрэ буолла? Иһиттэх -
хэ, баттаммыт эҥин элбэх үґү ээ, бадаҕа. Таах, хадардаан сыл-
дьыбыт дьоннор удаарынньыктаан күүскэ үлэлээбиттэрдээҕэр
элбэҕи ылбыттар үһү.
— Бу эн тоҕо колхозка киирбэккэ сылдьаҕын?
— Ким билэр, оттон ол курдук киирбэккэ сылдьабын дии.
— Киириэххин саныыгын дуо?
— Арыт киириэхпин санаталаан ылабын да, чэ ити колхоз-
тара хайдах эрэ эбээт.
— Хайдаҕый?
— Ити «Арыы» колхоһугар Ньаҕайдар эрэ киирэн холбоһон
олороллор. «Оодул» колхоһугар Омооннор эрэ киирэн оло-
роллор; мин Ньаҕай да буолбатахпын, Омоон да буолбатахпын,
онон хайаларыгар да киирбитим иһин таһырахтата саныахтара.
— Атын ийэ ууһуттан киһини ылбаттар дуу?
— Оттон ала-тала бааллар да, сыа быыһыгар быччархай кэ-
риэтэ кыбылла сырыттахтара буолуо эбээт. Уонна, кирдигин
эттэххэ, биһигинник быстах киһини ордук үлэлэтиэхтэрэ.
— Оттон ордук элбэхтик үлэлээтэххинэ, ордук элбэҕи ылыаҥ
буоллаҕа дии, доҕоор.
— Чэ, оннук буолбат, атаҕастыыр киһилэрин син биир ата-
ҕастыыллар. «Арыы» колхоһугар Макаар диэн тастыҥ ийэ
ууһуттан кэлэн киирбит киһи баар, ону хайдах гыннылар? Ма-
каар — үлэһит киэнэ бастыҥа, удаарынньык, кини үлэлээбэтэх
күнэ диэн суох, ону тураннар түҥэтик бириэмэтигэр үлэлээбит
күнүн итэҕэс көрдөріннір, ол-бу сэп алдьаммытын киниэхэ
түһэрэн балыйаннар, ону барытын харчытыгар таһаараннар,
туох да дуоннааҕы биэрбэтэхтэр. Уонна колхозка холбообут
атын тураннар өлөрөн кэбистилэр. Колхозка киирбитин туһата
диэн ити. Итини көрө сылдьан киһи киириэх да санаата кэл-
бэт, доҕоор.
— Ол барыта сыыһа үлэлииллэриттэн оннук, — диир киһи.
Урууп буолатын биир баһыгар тиийэн баран оҕуһун эргитэн:
«Һаай», — дии-дии, саҥа суолу таһааран, оҕуһун хаам таран
саллардатар. Киһитэ кэпсэтэ-кэпсэтэ батыһан хааман иһэр.
— Кирдигин эттэххэ, бэйэм санаабар, туспа ыал буолан,
туспа үлэлээн олорорум ордук. Оҕуһум буоллаҕына бэйэм
43