Page 40 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 40
Утаҕы ханнарар,
Умайбыт-буспут сүрэҕи
Сөрүүргэтэ биэрэр
Сөрүүн салгыннаах,
Күлүк сиргэ
Күлүмнээн көҕөрөр,
Кырдал хонууга
Кытаран кылбайар
Кырылас муус хаардаах,
Кыһыл көмүс
Кыырпаҕын курдук
Кылабачыгас долгуннаах,
Кырылас сүүрүктээх уулаах
Сааскы дьылбыт
Сардаҥаран турар.
* * *
Маҥнайгы хаар
Маҥан көмүгэр
Сатыы харыйалар
Самнары баттаппыттар,
Баай тииттэр бука бары
Бар кырыа буолбуттар.
Ийэ дойдубут
Уһун иэнигэр
Куба көтөр
Куорсуна
Тэлгэх
Тэлгэннэ.
Куорсун түү курдук
Үргэҥнэҕэс
Үтүлүк-үтүлүк саҕа
Көмүк хаар
Көмүрүттэн түһэн,
Эймэнэн элбээн,
Эйимнээн-эккирээн,
Саҥата суох
Санаа таайбатах
Саҥа үтүө ырыаны
Ыллаан түһэн,
Күөх оонньуур өҥнөөх
Күлүбүрэс
40