Page 98 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 98
— Хата, хайдах быыґанаахтаатылар? — Чімііт Сэмэн аґым-
мыт куолаґынан ыйытар.
— ТаІара быыґаата быґыылаах. Дьиэм умайарыгар саатар
бэйэм суох буолан биэрбитим… КэлиІ, то±о ыраах тура±ы-
тый?.. ТаІаспыт суох, онно биґиги буруйбут суох, сааппап-
пыт… «Јлµµ болдьохтоох, µтµгэн тірµттээх» диэбиккэ дылы,
миигин бэ±эґээ киэґэ Толлор Ньукулай арыгы буллум, иґиэх
диэн ыІыран илдьэ барбыта. Онно итирэн хаалбытым. Хата,
хоммоккобун дьиэбэр кэлэн, дьоммун быыґаатым…
Хама±аттаттан кэлэр суол тірдµгэр Толлор Ньукулай ба-
рыаран тахсан кэлэр. Кини умайбыт дьиэни, чарапчылана-ча-
рапчылана, одуулаґар.
— Толло-ор! Кэл-кэл! — Чімііт Сэмэн хаґыытыыр.
Толлор, ону истэн, хардыытын кэІэтэн биэрэр. Маайа, та-
Іаґа суо±уттан саатан, аґа±ас ампаар иґигэр киирэн хаалар.
Сотору со±ус Толлор Ньукулай тиийэн кэлэр.
— Дьэ, до±оттор, хата, бэйэбит уолбутун абааґыттан араа-
ран… — диэн Толлор саІаран эрдэ±инэ, Чімііт Сэмэн быґа
тµґэн этэр:
— Хата, Сµідэр кэлэн, кэргэнин, о±отун уоттан быыґаабыт.
Толлор Ньукулай сирэйэ уґуу тµґэр. Кини тугу да саІарыан,
этиэн булумуна, уоґун чіппіІнітір. Чімііт Сэмэн саІатыІы
со±ус ырбаахытын устар уонна Сµідэргэ уунар.
— Маны кэргэІІэр илдьэн биэр.
— ЧэйиІ, туруохпут дуо, бу дьон аґыыр астара, таІнар
таІастара суох хаалбыт буолбаттар дуо, дьиэбититтэн тугу
эмэни а±алан кіміліґµі±µІ.
Дьон барбыттарын кэннэ Маайа ампаар иґиттэн тахсар.
Сµідэр киниэхэ Чімііт Сэмэн ырбаахытын уунар. Маайа ыр-
баахыны ылан кэтэ туран ыйытар:
— Ити дьон кэлэн бардахтара тугун дьиктитэй?
Сµідэр кинилэр дьиэлэрин Огдооччуйа уоттатарыгар ити
дьон сыґыаннаахтарын іті ійдіін олорор. Ол эрээри ону
Маа йа±а кэпсээбэт.
Сотору со±ус Чімііт Сэмэн Малаанньа биир эргэ ырбаа-
хытын кытта биэс муунта кэриІэ мээккэ бурдугу, чаанньыгы
а±алар. Кини манна кэлэн иґэн арааґы эргитэ саныыр. «Хай-
дах ити Маайаны дьиІнээх дэриэтинньик, ілбµт киґи µірэ
илэ сылдьар дии санаабыппыт буолуой? — диэн, бэйэтин
бэйэтэ сэмэлэнэр. — Ити барыта Огдооччуйа кубул±ата, кини
ити дьахтары іліріірµ гыммытын биґиги, акаарылар, толорсо
сылдьыбыппыт».
98