Page 100 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 100
лор Ньукулай буоланнар Сµідэрдээхтэн букатын арахпаттар.
Кинилэр кµннэтэ аайы: «БарымаІ! Биґиги кіміліґµіхпµт!» —
диэн кірдіґі сатыыллар.
Биир тымныы сарсыарда Сµідэрдээх Маайа, сµіґµлэрин
µµрэн, айаІІа туруналлар. Онно Чімііт Сэмэн, БороІнуур
Охонооґой уонна Толлор Ньукулай кэлэн атаараллар. Кинилэр
Сµідэрдээххэ кыра харчы сыыґын хомуйан биэрэллэр уонна:
— Биґигини бырастыы гыныІ, тугу да билбэппититтэн, ха-
раІабытыттан тахсыбыт суол. Чэ, этэІІэ, µчµгэй бэйэлээхтик
сылдьыІ! — диэн кірдіґі, алгыы хаалаллар.
Туруорбах бала±ан ааныгар Огдооччуйа эмээхсин тахсан
барыаран туран, бакыр мутук тайа±ын чочоІното-чочоІното,
Маайалаах Сµідэри кыраан хардьыгыныыр:
— Барар суолгут ба±ана µµтэ буолан бараннын, кэлэр суол-
гут кэлии µµтэ буолан бµілэннин… Тіннµбэккэ тµІкэлийиІ,
сор-муІ, суІха атах суолланыІ, эрэй-буруй, иирэр ілµµ
эІээрдэниІ… Баран иґэн бахтайыІ!
Ити курдук, Сµідэрдээх Маайа, кырыыс уонна айхал до±у-
ґуол ланан, Нам сириттэн бараллар.
VI
Уйбаан Сэмэнэбис, дойдутугар тіннін кэлээт, куоракка тох-
тообокко эрэ, КиллэмІэ Лэгиэнтэй атыыґыттаахха тахсар. Кини
ханна сылдьыбытын билбэт буолан, Маайа тугу да ыйыталас-
пат. Оттон Лэгиэнтэй атыыґыт, Уйбаан Сэмэнэбис ханна баран
кэлбитин билэр буолан, дьон баарына тугу да саІарбакка эрэ,
ыалдьытын тµгэх хоско ыІыран киллэрэр.
— Дьэ? — диэн баран, Лэгиэнтэй атыыґыт тиэрбэс курду-
гунан кірін дьэрэлитэр.
— Харатаайап кыыґа буолбатах, — Уйбаан Сэмэнэбис µіґэ
тыынар.
— Ама, сымыйа µґµ дуо?..
Лэгиэнтэй атыыґыт бу ыйытыытыгар Уйбаан Сэмэнэбис
хардарыан иннинэ, урут хаґан да бу диэки кістµбэтэх ат-
таах, сыар±алаах, таІастаах киґилэрэ олбуор иґигэр киирэр.
«Хайалара кэллэ?» — диэн тµннµгµнэн одуулаґаллар. Маайа
бу кэмІэ, оґоххо уот оттоору, таґырдьа мас кіті±і сылдьан,
эмиэ бу киґини одуулаґан турар.
Уйбаан Сэмэнэбис эмискэ Лэгиэнтэй атыыґыт илиитин хар-
баан ылар, сирэйэ кытара тµґэр.
— Ити… Харатаайап кулуба, — диэн, Уйбаан Сэмэнэбис бо-
тугуруур.
100