Page 103 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 103
— Сµідэр кэллэ, — диэн, Маайа уруккутунаа±ар ордук µір-
бµт курдук буолар.
«Дьэ, кµтµітµм ааттаах киґини кірµім», — диэн, Сэмэн
о±онньор кэтэґэн олорор.
Таґырдьаттан тоІмут-хаппыт биир киґи киирэр. Кини са-
Іата суох аан хоско са±ынньа±ын устан, сыгынньахтанан ба-
рар. Сэмэн о±онньор ійдіін кірбµтэ: били кинилэргэ кэлэн,
«Хабырыллайап атыыґыт уолабын» диэн, Маайаны кытта бэр-
гэґэлэммит киґи эбит.
Маайа а±атыттан уонна таґырдьаттан киирэн сыгынньахта-
на турар кэргэниттэн хара±ын араарбат.
— Сµідэ-э-р, а±абыт кэлэн олорор, — диир Маайа кэргэнэ
сыгынньахтанан бµппµтµгэр.
Ону истэн Сµідэр соґуйар, дьиэ иґин эргитэ кірі иґэн,
хара±а Харатаайап хара±ыныын кірсі тµґэр.
— Бу хайдах-хайда±ый?.. Кимий Быладьыымарап диэн? —
Сэмэн Харатаайап, соґуйбут курдук, ыйытар.
— Быладьыымарап диэн мин, — Сµідэр аат эрэ харата хар-
дарар.
— Бээ-бээ! Мин ійбµн-тійбµн булунуум эрэ! — Харатаайап
сµµґµн имэринэр. — Хайдах эн Быладьыымарап диэн буоллуІ?
Кимий, оттон, Хабырыллайап атыыґыт о±ото?.. Эйигиттэн
атын киґи дуо? — Сµідэри а±а кылына о±онньор кэнникинэн
ыххайан барар.
Сµідэр, быстыа дуу, ойдуо дуу, хайдах кини Дьаакыбылап
кулуба этиитинэн «Хабырыллайап атыыґыт уолабын» диэн ку-
булунан бара сылдьыбытын, Дьаакыбылап кулуба Маайаны
саакка киллэрээри, аатын алдьатаары ону барытын хайдах
тэрийбитин кэпсээн биэрэр.
Харатаайап кулуба, Сµідэр кэпсээнин истэн олорон, ис-
иґиттэн тырыттан, абаккаран, кыыґыран барар. Хайдах да
абарбаттаах, кыыґырбаттаах буолуо баарай?! Кинилэр, о±о-
лорун сµтэрэн, тіґілііх эрэй, аґыы бі±інµ кірдµлэр, тіґілііх
харах уутун тохтулар, санаа бі±і±і мииннэрдилэр! Ол бары-
та бу туох да буолбата±ын курдук кэпсии олорор киґиттэн
тірµіттээх.
Харатаайап кулуба бу тµµн букатын утуйбат. Кини санааты-
гар, о±ото Маайа сµппµт тµµнэ, кірдітін муІнаныылара, «µір
буолла» диэн дьон куттаныыта, ойууннары а±алан µс тµµн уста-
та кыырдарыылара — барыта бу баар курдук кістір, сµрэ±ин
ыарытыннарар, санаатын быыппаґыннарар.
Маайа сарсыарда, ким да иннинэ туран, уоттарын оттор,
103