Page 104 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 104
чэйдэрин ірір. Сэмэн о±онньор уґукта±ас сытара. Кини Маа-
йаны ыІыран ылар уонна:
— Тоойуом, бэлэмнэн, бµгµн дьиэбитигэр барабыт! — диир.
Маайа: «А±аа, туох буоллуІ?» — диэбиттии, кини диэки са-
Іата суох кірµтэлиир.
Сарсыарда Сэмэн Харатаайап, чэйдээн бµтээт, кµтµітµн
диэ ки кірбіккі да олорон, кыыґыгар этэр:
— Маайа, тугуІ соругар ыал хамначчыта буолан олоруохху-
нуй?.. Чэ, таІын, дьиэбитигэр барыах!
Маайа біті бэрдэриэр диэри µірэр. Билигин кини о±оту-
нуун, кэргэниниин ийэтигэр тиийиэхтэрэ. Оо, ийэтэ эрэйдээх
тіґі эрэ µірээхтиир… Оо, µірµµтµін, кинилэр аны ыал хам-
наччыта буолан, эрэйи кірµіхтэрэ суо±а. Аска-таІаска кыґа-
ныахтара суо±а… «Сµідэрим сордоох дьэ µчµгэйдик, тоІон-
хатан муІнаммакка эрэ, олороо ини!» — дии санаан, Маайа
кэргэнин таптыыр, толору дьолломмут хара±ынан кірµтэлиир.
Кини, хомойуон иґин, Сµідэр, то±о эрэ, тиэтэйбэт, таІаґын
да таІнар, хамнаґын да Лэгиэнтэй атыыґыттан аахсар санаа-
та суох олорор.
— Сµідэ-эр, тиэтэйиий!.. А±абытын кытта барсабыт…
Сэмэн Уйбаанабыс кыыґын диэки уоттаа±ынан кірµтэлээн
баран:
— Мин кинини, ыІырыахтаа±ар, кірµіхпµн да ба±арбап-
пын! — диэн бардьыгыныыр.
Маайа, итини истээт, уолуйан хаалан, айа±ын аппытынан
а±атын уонна кэргэнин сирэйдэрин кірµтэлиир. Хап-хара киэІ
хара±а уунан туолан бычалыйар. Сип-сибилигин а±ай: «Мин
а±абыттан ордук µчµгэй, кіні, аґыныгас сµрэхтээх киґи
суох!» — дии санаабыта эмискэ ханна эрэ мэлис гынан хаа-
лар. Кини иннигэр батталлаах Дьаакыбылап кулубаттан туох
да уратыта суох, эмиэ баттыгастаах улуус кулубата тойон
ыадаллан олорор. Ол да буоллар Маайа, а±атыгар тылын
ылыннараары, кірдіґір:
— А±аа, Сµідэр мин кэргэним… Кэргэммин, о±обун быра-
±ан, ол хайдах со±ото±ун барыахпыный?
— Кини ба±ас эмиэ кэргэн буолан… Албын… Хаґан да ал-
бынныы сылдьыа±а… Мин бу тµµн да кинини кытта биир дьиэ
иґигэр хоммуппуттан саатабын… Чэ, туруоІ дуо, таІын, ба-
рыах!
Маайа иннигэр икки суол баар. Билигин а±атын кытта ба-
рыста±ына, ыал хамначчытын сордоох оло±уттан арахсар, тап-
тыыр ийэтигэр, бэйэтин дьиэтигэр тиийэр. Оо, бу дьыллар
104