Page 101 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 101
Олбуор иґигэр киирбит киґи, сыар±алаах атын быра±аат,
Маайа±а сµµрэн бадаІхалыыр. Маайа кіті±ін турар маґын
то±о быра±ар уонна, эмиэ утары сµµрэн тиийэн, кууґан ылар.
— Кырдьык, а±ата эбит буолбат дуо? — Лэгиэнтэй атыыґыт,
ыалдьыты кірсіірµ, таґырдьа тахсар.
Уйбаан Сэмэнэбис, туох да диэн булумуна, тµннµк аттыгар
туран хаалар.
Сотору со±ус буолаат, Маайа кэлбит киґини кытта аан хос-
ко киирэллэр. Лэгиэнтэй атыыґыт ыалдьытын атын кінтіґµт-
тэн сиэтэн а±алан сэргэ±э баайар уонна кинилэри батыґан
дьиэ иґигэр киирэр.
Маайа иІин хаана тэтэрбит, хайдах эрэ уруккутунаа±ар
кэрэ, µчµгэй кірµІнэммит.
— А±аа, манна таІаскын ыйаа! — диир Маайа саІата. Ити -
ни барытын Уйбаан Сэмэнэбис тµгэх хос тµннµгµн аттыгар ту-
ран истэр. Сэмэн Харатаайап чахчы бу дьахтар а±ата эбит.
Уйбаан Сэмэнэбис маІнай утаа уолуйбут курдук буолбута
ааґар. «Ґчµгэй, олус µчµгэй! — дии саныыр кини. — Билигин,
дьэ, мировой судьуйа тойон, туох диир эбиккин?» Кини хос
иґиттэн ыалдьыт киирбит хоґугар тахсар.
Сэмэн Харатаайап кыыґын Маайаны бэйэтин аттыттан
араа рыан букатын ба±арбат быґыылаах.
— О±ом, сµрэ±им сыыґа! Кір, ойууннар ба±айылар букатын
сымыйаччы, албынньыт буолаллар эбит… Сµтэн хаалбытыІ
кэннэ ону-маны сыбыс-сымыйанан туойбуттар эбит ээ, — дии-
дии кини, кыыґа саІа хааман эймэІнээн эрдэ±инэ ыІырарын
курдук, икки илиитин даллатан, Маайаны бэйэтигэр ыІырар,
кіті±ір, кууґар, сыллыыр. Ол олордохторуна Сэмэнчик хоґун
иґиттэн µнэн сыылыІхайдаан тахсар. Кини, ийэтин ханнык эрэ
урут кірбітіх о±онньор кіті±ін олорорун кірін, ытаан барар.
— Тоойуом, Сэмэнчик, бу эґэІ дии, — Маайа уолун буойар.
Сэмэнчик, эґэ диэни билиммэт киґи быґыылаах, кэлэн ірі
мыІаан олорон, ытаан марылыыр.
Сэмэн о±онньор кыра сиэннэммититтэн олус долгуйар,
µірэр, сиэнэ уолу мі±µґµннэрбитинэн, сарылаппытынан кіті-
±ін ылар.
Бу ір буолан баран кірсµспµт а±алаах кыыс, ахтыспыттара
бэрт буолан, аттыларыгар баар дьону кірбіт курдуктар. Он-
ноо±ор Сэмэнчик ытыырыгар, тэбиэлэнэригэр кыґамматтар.
Ону кірін туран, Лэгиэнтэй атыыґыт урут ілбµт о±олорун са-
ныыр, хара±ын уутун кыаммат. Дьон ортотугар ытыы турара
сµрэ бэрдиттэн, кини атын хоско киирэн хаалар.
101