Page 108 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 108

— Кэргэммиттэн ханна да барбаппын!
                — Оччо±о  хаґан  да  биґигини  дьонноохпун  диир  буолаа-
             йа±ын!
                — Суох,  дьонноохпун  диэм  суо±а!  —  Маайа  аанын  сабан
             лап гыннарар.
                Харатаайап  кулуба  Лэгиэнтэй  атыыґыты,  кини  кэргэнин
             уон на Уйбаан Сэмэнэбиґи кытта илии тутуґан быраґаайдаґан
             тахсар. Маайа а±ата дьиэ аанын сабарын кытта тµннµккэ тиий-
             битин бэйэтэ да билиминэ хаалар. Кини кірін турда±ына, а±ата
             тахсан сыар±атыгар олорор. Олбуор аанын аґан баран, тахса-
             рын кэтэґэн турар Сµідэр сордоо±у, кірµіхтээ±эр, хара±ын да
             кырыытынан кынчарыйан ааспат.
                Сµідэрдээх Маайа а±алара, улуус кулубата, баай Харатаа-
             йап кэлэ сылдьыбытыттан кур бэйэлэрэ кубулуйбат, уруккула-
             рын  курдук  ыалга  хамначчыттыыллара  уурайбат.  Харатаайап
             кулуба  кэлэн  барбытыттан  арай  Уйбаан  Сэмэнэбис  эрэ  µірэ
             хаалар. Кини, бэчээт уурдаран ылбыт кумаа±ытын Маайалаах
             Сµідэр иннилэригэр тэлиІнэтэ-тэлиІнэтэ, этэр:
                — Биґиги дьыалабыт µчµгэй буолуо… Бэйи, аны кірµіхпµт
             Дьаакыбылап кулуба туо±унан мантан куотарын!
                Кини µірµµтµн ким да сэІээрбэт. Маайа±а уонна Сµідэргэ
             µІсµµлэрэ  туох  да  буолара  син  биир.  Ону  ааґан,  Маайа  бу
             кµнтэн ыла: «Мин да баай дьон тірµттээхпин», — дии саныы-
             ра уурайар. Кини кэргэниниин Сµідэрдиин билигин дьэ тэІ,
             иккиэн  дьонноро  суох  тулаайах  буолаллар.  Оттон  Лэгиэнтэй
             атыыґыт Харатаайап кулуба кэлэн хонон барбытыттан тугу са-
             ныай? Кини кыґал±ата кыра.
                                          * * *
                Ылдьаана  кэргэнин  Сэмэни  кэтэґии  бі±інµ  кэтэґэн  оло-
             рор.  Кэтэґэр  эрэйин  ким  билбэтэ  баарай?!  Кэтэґэртэн  ор-
             дук сылаалаах, куґа±ан туох кэлиэй! Кэтэґиэх кэриэтэ — бэйэ
             сылдьыґара  быдан  ордук!  Ылдьаана  кэргэнин  кытта  барсы-
             бата±ын  кэмсинэр.  Кини  бу  кµннэргэ  хара±ын  симэн  нуктуу
             эрэ тµстэр куруутун Маайаны кірір. Арыт Маайа кыракый о±о
             буолар,  арыт  сиппит-хоппут  кыыс  буолан  кістір.  «Ама,  кыр-
             дьык,  о±ом  Маайа  тыыннаа±а  буолуо  дуо?..  Оо,  айбыт  айыы
             таІарам, о±ом чахчы тыыннаах эрэ буоллун!» Ылдьаана, о±ото
             Маайа тыыннаа±а кіґµннэ±инэ, туох баар баайдарын барытын
             да  туран  биэрэрин  кэрэйиэ  суох  этэ.  «Баайгытын  барытын
             биэрдэххитинэ — о±о±утун кірµіххµт», — диир баара буоллар,
             Ылдьаана,  букатын  саараІнаабакка  эрэ,  сібµлэґиэ  этэ!  Ийэ
             сµрэ±э о±отун туґугар, кір, оннук амарах буолар!

              108
   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113