Page 112 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 112

тан, уһулуччу үчүгэйиттэн буолбат, кини көрүүтүттэн-харайыытыттан,
             төрөппүттэр  элбэх  эрэйдэрин  биэрбиттэриттэн  буолааччы…  Оттон
             кини миэхэ күндү!
                                                              Николай Якутскай


             Ааҕыы, сэһэргэһии



                                   ИЛИН УОННА АРҔАА
                               (арамаантан быһа тардыы)

                (Николай  Якутскай  «Илин  уонна  ар±аа»  арамаанын  сµрµн
             дьо руойа Маайалаах Сүөдэр уоллара Сэмэнчик буолар. Суру­
             йааччы Сэмэнчик уол олох кыґатыгар уґаарыллан буґуутун­ха­
             тыытын айымньы былаґын тухары кірдірір. Бу арамааныгар
             «Тілкінµ» утумнуур хайысханы — дьол ірігійдііґµнµн кэнэ­
             ±эски ыччаттар ситэрэллэр, кімµскµµллэр диэн бэртээхэй са­
             нааны  сайыннарар.  Бу  бөдөҥ  айымньыттан  Сэмэнчик  күндү
             дьонун туһунан быһа тардыылары ааҕан билсиҥ).

                                           Ийэ

                Өлүөхүмэттэн  турбуттара  үһүс  күнэ  ааһыыта  Точильнай
             дьаа мыгар  тиийдилэр.  Иннилэригэр  —  Маача  сэлиэнньэтэ.
             Сэмэн оҕо сааһа ааспыт, Гудзинскай кыһыл этэрээтигэр киир-
             бит, Шарапов атыыһыт кыыһын Настяны — маҥнайгы тапталын
             көрсүбүт, ийэтин Маайаны бандьыыттар өлөрөн ыар кутурҕаны
             көрбүт сирэ. Точильнай дьаамын ааһааттарын кытта Сэмэн ту-
             луйан-тэһийэн олорбото, палубаҕа таҕыста. Маача сэлиэнньэ-
             титтэн хараҕа арахпат. Урут, кини Өлүөхүмэ куоратыттан дуу,
             Якутскайтан дуу борохуотунан кэлэрин ийэтэ мэлдьи кытылга
             киирэн көһүтэн турар буолара.
                «Ийэм эрэйдээх тыыннааҕа буоллар, бу мин ыраах үөрэнэ
             баран иһэрбин истэн, туох диэ эбитэ буолла?.. Ытыыра чахчы…
             Оттон Настя бу мин баран иһэрбин сөбүлүө суох этэ… Бу са-
             наатахха, дьиибэ таптал эбит. Кини биһиги кэргэннии буолуо
             этибит дуо?.. Суох! Мин — коммуниспын, дьадаҥы киһи уола-
             бын,  кини  —  баай  атыыһыт  кыыһа…  Ол  эрээри  Настя  миэхэ
             улахан  умнуллубат  үтүөлээҕэ.  Бандьыыттар  миигин  өлөрөргө
             быһаарыммыттарын  истэн,  ийэм  эрэйдээххэ  эппит.  Онон,  бу
             мин билигин тыыннаах ордон сылдьабын», — диэн саныы турда.

              112
   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117