Page 115 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 115
хоһун таарыйбакка, быһа ротаҕа таҕыстылар. Рота дневаль-
найа Сэмэни көрөөт:
— Табаарыс командир, эһиэхэ Якутскайтан телеграмма кэл-
бит үһү, — диэтэ.
— Ханна баарый? — Сэмэн Саха сириттэн вакантнай миэс-
тэ туһунан биллэрэр телеграммалара кэллэҕэ диэн, үөрэн өрө
көтө түстэ.
— Оскуола эппиэттиир дьуһуурунайыгар.
Сэмэн эргиллэ түстэ да, таас кирилиэһинэн аҕыйахта ойон,
аллара түстэ. Дьуһуурунай хоһун аанын тоҥсуйда.
— Киириҥ!
— Табаарыс дьуһуурунай, миэхэ телеграмма баар дуо?
— Да, баар! — диэн баран, дьуһуурунай телеграмманы ылан
биэрдэ.
Сэмэн телеграмманы арыйа баттаата… Сибилигин аҕай
үөрүүнэн мичилийбитэ эмискэ күлүгүрэ түстэ. Тугу да саҥар-
бата, эргилиннэ уонна ыараабыт атахтарын нэһиилэ сыҕары-
тан таҕыста. Бу телеграммаҕа кини аҕата Фёдор Владимиров
Якутскайга өлбүтүн туһунан биллэрбиттэр. Сэмэн түүнү быһа
утуйбата. Хайдах хараҕын быһа симтэр эрэ аҕатын мөссүөнэ
көстөн кэлэргэ дылы. «Аҕам… бу күн анныгар баар эрэ күндү
киһим — аҕам өлбүт… Киниттэн ураты миэхэ хаан уруу киһи
кимим да суох… Тоҕо, тоҕо ыалдьыбытын миэхэ биллэрбэтэх-
тэрэ буолуой?.. Эмискэ өлбүтэ эбитэ дуу?.. Бэйи эрэ, аҕам
ыалдьыбытын миэхэ биллэрбит да буоллуннар… Экзамен
туттарыытын үлүскэнигэр сылдьан, хайдах барыа этибиний?
Оннооҕор киниэхэ сурук да суруйар бокуойа суох сылдьыбы-
тым буолбат дуо? Аҕам!.. Аҕам! Аны кинини мин көрбөппүн…
Аҕам эрэйдээҕи көмпүт буордарын эрэ көрөр киһи буолбуп-
пун… Бүгүҥҥү — суос-соҕотох биир күн, кыһыл командир
буо лан үөрбүтүм, миигиттэн ордук дьоллоох киһи орто дойду
үрдүнэн суоҕун курдук санаммытым. Аҕам эрэйдээх өлбүт…
Кини мин кыһыл командир буолбуппун истиминэ да, билиминэ
да өлбүт…» — Сэмэн хараҕын уутун кыаммата, ыар аһыытыгар
баттатта.
Өрдөөҕүтэ буолан ааспыт кэми ахтарыгар, Маача дэриэ-
бинэтигэр Шарапов атыыһыттаахха ийэтиниин олорбут кэмин
өйдүү түстэ. Биирдэ, дэриэбинэ уолаттара бары аҕалаахтарын
көрөн, ийэтиттэн ыйыппыта: «Ийээ, мин аҕам ханнаный?» —
диэн. Ийэтэ хараҕын уутун сотто-сотто: «Тоойуом, аҕаҥ сор -
доо ҕу хаайыыга сытыттылар быһыылаах… Ылан барыахта-
рыттан ыла таастыы сүттэ». Хойут улаатан ону-маны өйдүүр
115