Page 120 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 120

суол вокзалын ыскылаатыгар кукурузаны таллараллара, ыраах-
             тааҕы былааһа эстиэҕиттэн иччитэх турбут байыаннай казар-
             малары  кыс  хаар  ортото  сууйтараллара.  Аһыыр-таҥнар  эрэ
             кыһалҕалаах кыыс этэр үлэлэригэр баран иһэрэ. Атыттар кур-
             дук талымастаабатын иһин, бииргэ үлэлиир дьахталлара Шу-
             раны сөбүлүүллэрэ, эр дьоҥҥо атаҕастаппаттара, көмүскэһэл-
             лэрэ. Ол дьахталлар кыыһы икки сайын уонна күһүн дэриэбинэ
             кулаактарыгар  фрукта  хомуйар,  упаковкалыыр  үлэҕэ  бииргэ
             илдьэ сылдьыбыттара.
                Икки сыллааҕы сайын Киселёв бу гостиницаны горкомхоз-
             ка  биэрбитигэр  үлэһиттэр  наада  буолбуттара.  Онно  комму-
             нальнай  үлэһиттэр  профсоюзтарын  райкома  Шураны  ыыппы-
             та. Онтон ыла кини манна үлэлиир. Былырыын коммунальнай
             үлэһиттэр  конференцияларыгар  Шураны  профсоюз  райкомун
             чилиэнинэн талбыттара.
                Шура  ый  аайы  ылар  хамнаһыттан  кэмчилээн,  ордорунан,
             билигин сэнэх соҕустук таҥнар. Күтүөтэ, Шура таҥнар буол-
             бутун  көрө-көрө,  «мин  үлэлээн  өлөрөр  үппэр  таҥнар!»  диэн,
             иһэ эрэ хайдыбат. Итирэн кэлэ-кэлэ айдаарар, үөхсэр. Онтон
             ыксаан, Шура ийэтигэр:
                — Дьиэтэ куортамнаһыах, туспа олоруох! — диирэ да, эмээх-
             син сиэнигэр убанан хаалан буолбатаҕа. Ол эрээри, эмээхсин
             кыыһын аһына саныыра. Тугу да гыныан булумуна, этэрэ:
                — Шура, эргэ таҕыс, туспа ыал буол.. Тугун, манна миигин
             кытта, абааһы көрдөрө-көрдөрө, олоруоххунуй? — диэн..
                — Тася-а,  истэҕин  дуо?..  Анкетатыгар  бу  курдук  суруйбут:
             «Омуга  саха»,  «Партия  чилиэнэ»,  «Кэргэнэ  суох»…  Дальнай
             Востоктан Молдавскай пограничнай этэрээккэ застава началь-
             нигын көмөлөһөөччүтүнэн кэлбит…
                — Шура, ууран кэбис!.. Аны түбэһэ кэлиэҕэ, — дьуһуурунай
             дьахтар сэрэхэчийэ көрдө.
                Шура тугу да саҥарбата. Тоҕо эрэ, мичээрдии-мичээрдии,
             Владимиров анкетатын хаттаан көрдө уонна ыскаап дьааһыгар
             укта.
                — Тася,  омугун  саха  диэн  суруйбут  ээ..  Эн  кинини  казах
             диигин.. Сахалар ханна олороллоро буолуой?..
                — Ханна  да  олордуннар,  эмиэ  туохпут  кыһалҕатыгар  ыйы-
             таластахпытый, — диэн, Тася сөбүлээбэтэхтии көрүтэлээтэ.
                — Мин ыйытыам эбээт! — диэтэ Шура.
                — Шура,  сарсын  дьуһуурунайдыыр  кэмҥэр  ыйытаар.  Дьэ,
             онно дуоһуйа кэпсэт. Шурочка, син бэрт көрүҥнээх уол буол-
             бат дуо?! — дии-дии, Тася күллэ.

              120
   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125