Page 124 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 124
цаҕа төнүннэ. Гостиницаҕа кирилиэһинэн өрө сүүрэн таҕыста,
күлүүһүн тылын ылаары, дьуһуурунайга кэллэ. Дьиктиргиэн
иһин, бэҕэһээ киэһэ киирэн кинини кытта бырастыылаһан бар-
быт Шура олорор. Сэмэн ыксаан, тиритэн киирбитин көрөн,
Шура мичээрдии-мичээрдии ыйытта:
— Туохха бу курдук тиэтэйдиҥ?
— Заставабар тахсабын!
— Сибилигин дуо?
— Күнүс, эбиэт кэнниттэн.
Шура тугу да саҥарбата, остуол дьааһыгыттан хос күлүүһүн
тылын ылан биэрдэ.
— Атын киһи дьуһуурунайдыыра дии, эн кинини солбуйдуҥ
дуу?
— Быстах кэмҥэ солбуйабын.
Сэмэн хоһугар киирдэ. Чымыдааныгар сотторун укта. Онтон
чымыдаанын этэрээт штабыгар хаалларарын өйдөөн, сотторун
төттөрү ылан, полевой суумкатыгар укта. Чымыдаанын сап-
та. Кини бэлэмнэнэрэ, хомунара итинэн бүтэр. Билигин да
эрдэ. Гимнастёркатын устан кырыбаакка сытта. Күнүс 13 чаас
30 мүнүүтэҕэ Сэмэн хоһун туттарда уонна чымыдаанын туппу-
тунан таҕыста.
— Быраһаай, Шура, мин бардым! — Сэмэн кыыска илиитин
уунна.
Шура кинини батыһан, таһырдьа кирилиэскэ диэри тахсыс-
та. Сэмэн кирилиэһинэн сүүрэн түспүтүн көрөн туран:
— Биһигини умнума, суруйаар! — диэтэ.
— Шура, ханна аадырыстаан эйиэхэ суруйабыный?
— Ити мин оонньоон эттим, — кыыс сирэйэ кытар гынна.
— Суох-суох, баҕар, мин кырдьык суруйар наадаланыам,
аадырыскын эт!
Шура урукку өттүгэр кими даҕаны кытта суруйсан көрө или-
гэ. Кини аадырыһын биэрдэҕинэ, уол суруга кини суоҕар дьиэ-
тигэр кэлиэҕэ. Оччоҕо, эдьиийэ Клава дуу, күтүөтэ Наум дуу
хайаан да аһан ааҕыахтара…
— Куорат киин буостатыгар суруйаар.
Сэмэн ону блокнотугар сурунна.
— Кимиэхэ диибиний?
— Брунёва Александра Алексеевнаҕа, — диэтэ Шура уонна
гостиница аанын саба оҕуста.
124